Байыаннай дьайыылартан уоппускаларыгар дойдуларыгар кэлэ сылдьан баран төннөр байыастар «Саха сирэ эйигин кытта!» хамсааһын ыстаабыттан эбии экипировканы уонна күннээҕи туттуллар малы-салы ылыахтарын сөп.
Ол туһунан бүгүн ыстаап салайааччыта Айыл Дьулурха брифинҥэ иһитиннэрдэ.
«Бу күннэргэ дойдуларыгар уоппускаларыгар кэлэ сылдьан баран, байыаннай дьайыыларга төннөр байыастары ыстаап эбии таҥаһынан, экипировканан хааччыйар. Күҥҥэ 20-н тахса байыаннай кэлэн өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун көмөлөрүн ылаллар», – диэтэ уопсастыбанньык.
Санатар буоллахха, «Саха сирэ эйигин кытта!» хамсааһын ыстааба Дьокуускай куоракка, Орджоникидзе уулуссатын, 10 дьиэтигэр (киирии ойоҕос аанынан), 10:00 — 19:00 ч. диэри өрөбүлэ суох үлэлиир.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс -сулууспатын хаартыската
Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…
Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл. …
— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…
Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…
Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…
Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…