Саха сиригэр 2023 сылга 150 байыас уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ үөрэниэхтэрэ.
Бу туһунан СӨ нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун кэмитиэтин профессиональнай үөрэхтээһини тэрийиигэ отделын сүрүн исписэлииһэ Любовь Матвеева иһитиннэрдэ.
«Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун сулууспатын органнарынан байыастары уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин идэҕэ үөрэтиигэ уонна эбии үөрэхтээһиҥҥэ анал бырагыраама олоххо киллэриллэр. Дьарыктаах буолуу киинигэр чопчуластахтарына, судаарыстыба оҥорор өҥөтүн иитинэн тус былаан оҥоһуллар. Ол курдук, идэни талыыны быһаарыыга, уйулҕа өттүнэн көмөҕө, уо.д.а.«, — диэн этэр Любовь Матвеева. Судаарыстыбаннай бырагырааманан уонна «Демография» национальнай бырайыагынан, икки хайысханан үлэ ыытылларын бэлиэтиир.
Кини билигин 27 байыас үөрэнэ сылдьарын, 10 байыас үөрэнэн баран үлэҕэ ылыллыбытын этэр. Маны сэргэ, 28 байыас дьиэ кэргэнэ үөрэнэрин, 12 киһи үлэнэн хааччыллыбытын ыйар.
Бу туһунан сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3366471 манна ааҕыҥ.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Социальнай төлөбүрдэр тохсунньуга кыраапыгынан түһүөхтэрэ. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы социальнай управление иһитиннэрдэ. 70-80 саастарын туолбут…
Ахсынньы 31 күнүгэр - 2024 сыл бүтэһик күнүгэр саҥа Ый үүнэр. Бу күҥҥэ "Хара Ый"…
Аҕыйах хонугунан Дьиэ кэргэн сылын атаарыахпыт. Онон бу үтүө сылы түмүктээн, Саҥа дьыллааҕы хаһыаппытыгар элбэх…
Дьокутаат Виктор Лебедев уонна "Саханефтегазсбыт" аатыттан М.Е. Николаев аатынан Мэдиссиинэ киинин - 1-кы №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи…
Бүгүн, ахсынньы 30 күнүгэр, Нам улууһун Түбэтигэр 1949 сыллаах төрүөх киһи сүппүт. Бу туһунан СӨ…
Кэлээри турар сылга, Моҕой сылыгар төрөөбүт дьон 12 сыл анараа өттүгэр Саҥа дылы хайдах көрсүбүттэрин,…