Байыастар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ үлэнэн хааччыллаллар

Share

Өрөспүүбүлүкэ дьарыктаах буолуутун сулууспата байыастарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр, уопсайа 240 киһиэхэ, үлэнэн хааччыллалларыгар көмөлөстө. 

Бу туһунан нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин дириэктэрэ Николай Иванов иһитиннэрэр.

«Биһиги «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда филиалын кытта сыл устатыгар 104 үлэ дьаарбаҥкатын тэрийэн ыыттыбыт. Бу байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр ананар. Манна сылдьыбыттар ханна үлэ баарын, усулуобуйатын билсэллэр, о.д.а. ыйытыыларыгар хоруйдары ылаллар. Өйөбүл барыларыгар оҥоһуллар, дьарыктаах буолуу сулууспатыгар учуокка турбуттарыттан, турбатахтарыттан тутулуга суох», — диир кини.

Быйыл дьарыктаах буолуу сулууспатынан оробуочай идэни ыларга уонна квалификацияларын үрдэтэргэ 44 киһи ыытыллыбыт. Кинилэр конвейер машиниһа, уот монтера уо.д.а. идэлэргэ үөрэммиттэр.

Маны таһынан, байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна дьиэ кэргэттэрэ, алта киһи, урбаанынан дьарыктанарга үбүнэн-харчынан өйөбүл ылан туһаммыттар. Бу дьон иистэнэр мастарыскыайдаммыттар, автосервис арыйбыттар, сылгы иитиитинэн, таһаҕас таһыытынан дьарыктаналларын сэргэ, үлэ миэстэтин тэрийэллэр.

Санатар буоллахха, байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ дьарыктаах буолуу боппуруоһунан нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун сулууспатын киинигэр 122 нүөмэргэ (эбии — 7) эрийэн ыйыталаһыахтарын сөп.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Спорт

Сунтаарга буокса күрэһэ

Сунтаарга бу күннэргэ үс күн устата Алквиад Иванов аатынан Оҕо спортивнай олимпийскай эрэллэри бэлэмниир оскуолаҕа…

8 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кыһыммыт сылыйда диэн үөрээхтиибит да…

Кэлиҥҥи сылларга ахсынньы биллэ сылаас буолбутун бары бэлиэтии көрөбүт. Сороҕор ол сылыйбытын мэлдьэһэр курдук кулун…

37 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Кэлэр сылга уоппусканы ханнык ыйга ылар табыгастааҕый?

Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ күһүн кэлэр сыллааҕы уоппуска кыраапыгын оҥороллор. Дойду Бырабыыталыстыбата кэлэр сыллааҕы үлэ күнүн…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Һунтаар һаҥа һыла — Хатаска»

Бэҕэһээ, ахсынньы 21 күнүгэр, Дьокуускай куоракка олорор «Ыаллыылар» бөлөҕү Сунтаар улууһун араас нэһилиэктэриттэн төрүттээх,  Хатас…

2 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Уонна…»: Зоя Сылгытова

Кэлиҥҥи кэмҥэ саха тэлэбиидэнньэтигэр бээтинсэ аайы көрөөччүнү аралдьытар, киһини сынньатар, уоскутар, сэргэхситэр айылгылаах “Уонна...” биэрии…

3 часа ago
  • Сонуннар

Электрогенерация биэс улахан эбийиэгэ тутуллар

Билигин электрогенерация  биэс улахан эбийиэгэ тутуллар диэн Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ. Бу Ленскэйгэ тутулла…

3 часа ago