Байыаннай дьайыы 533 кыттыылааҕа уонна байыастар дьиэ кэргэттэриттэн 900-тэн тахса киһи доруобуйаларын чэбдигиртилэр.
Саха сиригэр байыаннай сулууспалаахтарга — байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр аадырыстаах көмөнү оҥоруу салҕанар.
—Доруобуйа харыстабылын уонна социальнай көмөнү оҥоруу тэрилтэлэригэр байыаннай дьайыы 533 кыттыылааҕа уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэттэрэ доруобуйаларын чэбдигирдиигэ сырыттылар. 162 киһи дьиэтигэр социальнай көмөнү эбэтэр сорохтор полустационарнай киэбинэн көмөнү ыллылар, — диэн СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов иһитиннэрдэ.
2024 сыл кулун тутар 1 күнүнээҕи иһитиннэриинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ 89 дьиэ кэргэн олорор дьиэни гаастааһыҥҥа харчынан көмөнөн туһаммыт. Санаторийга-куруорка 247 байыас төрөппүтэ эмтэммит. Байыас эмтэнэр сиригэр тиийэргэ көмөнөн 237 киһи туһаммыт.
Быйыл РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Анал этиитигэр байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин кытта үлэ суолтатын бэлиэтээбитэ: «Былаас бары уорганнара инникитин даҕаны биһиги дьоруойдарбыт дьиэ кэргэттэрин: саамай чугас дьоннорун туһугар долгуйар, күндүтүк саныыр, дьиэлэригэр күүтэр төрөппүттэрин, кэргэттэрин, оҕолорун, өйүүргүтүгэр көрдөһөбүн», — диэбитэ.
Өрөспүүбүлүкэ дьарыктаах буолуу кииннэригэр 287 киһи үлэ көрдөөбүт, ол иһигэр байыаннай дьайыы 99 кыттыылааҕа уонна байыаннай сулууспалаах дьиэ кэргэниттэн 188 киһи. Кинилэртэн 95 киһи үөрэххэ ыытыллыбыт, 165 киһи үлэнэн хааччыллыбыт.
Георгий Степанов маны сэргэ, байыаннай дьайыы кыттыылаахтара СӨ «О налоговой политике Республики Саха (Якутия)» сокуонугар сөп түбэһиннэрэн тырааныспар нолуогуттан босхолоноллорун бэлиэтээн эттэ. Чэпчэтии тырааныспар көрүҥүттэн уонна кыамтатыттан тутулуга суох, ыйыллыбыт категориялаах гражданнарга тарҕанар.
Вице-премьер байыаннай сулууспаттан барбыттар «Бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ» дастабырыанньаны ыларга олорор сирдэринэн Байыаннай комиссариат баар сиригэр тиийэллэрин, оттон билигин сулууспалыы сылдьааччылар байыаннай чаастарыгар этэллэрин санатта.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…