Байыастар үлэни хайдах көрдүүргэ үөрэннилэр, сүбэ-ама ыллылар

Share

Дьокуускайга байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын үлэни хайдах көрдүүргэ үөрэттилэр. Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун управлениета — «Мин үлэм» офис тэрийдэ.

—Үлэ көрдөөһүн — бу көннөрү буолбатах. Бу үгүс киһиэхэ олоҕун биир сүрүн кэрдииһинэн буолар. Маныаха бу сөптөөх үлэ миэстэтин булуу эрэ буолбакка, кини идэтин баһылыырыгар, дьоҕурун, сатабылын көрдөрөрүгэр, үлэтин-хамнаһын оҥосторугар кыаҕы биэрэр, — диэн управление исписэлииһэ Татьяна Зайцева бэлиэтиир.

Көрсүһүүгэ үлэни көрдүүргэ SMART технологиятын оруолун дьүүллэстилэр. Бу модель (СМАРТ) үлэ көрдөөһүнүн балачча тупсарыан сөп. Байыаннай дьайыы кыттыылаахтара үлэни хайдах көрдүүргэ туһалаах ньымалары биллилэр.

«Маны таһынан үлэ биэрээччилэри кытта сибээстэһии ньымаларыгар улахан болҕомто уурулунна. Үлэ биэрээччилэри кытта көдьүүстээхтик бииргэ үлэлээһин биир тутаах хайысханан буолар», — диир Татьяна Зайцева.

Кини бырагыраамаҕа кэпсэтэргэ ураты болҕомто ууруллубутун этэр. Бу үлэ көрдүүргэ биир тутаах түһүмэх буоларын бэлиэтиир. Манна кыттыбыттар бэйэни билиһиннэрэргэ, ыйытыыларга хоруйдуурга, ситиһиилэрин сырлдатарга сүбэ-ама ылбыттар. Итинник бэлэмнэнии үлэҕэ киирэргэ уонна баҕарбыт дуоһунастарын ыларга көмөлөһөрүн, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар наадатын көрсүһүүнү тэрийээччилэр бэлиэтииллэр.

Санаттахха, сыл саҕаланыаҕыттан нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун сулууспатыгар үлэ көрдөөн 319  байыас уонна кинилэр чугас дьонноро сылдьыбыттар. Уопсайа 50 байыас уонна кинилэр дьиэ кэргэттэриттэн 38 киһи үлэ булбуттар. Маны сэргэ, сайыҥҥы сынньалаҥ кэмигэр 103 оҕо быстах кэмнээх үлэнэн хааччыллыбыт, 32 киһи үөрэнэр.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

СИА хаартыската

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

34 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

4 часа ago