Байыастарбытыгар кыһамньыбыт уҕараабат!
Судаарыстыбаннай Дуумаҕа иккис ааҕыыга анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар байыаннайдар уонна добровольческай этэрээттэр кыттыылаахтара доруобуйаларыгар улахан охсууну оҥоруон сөптөөх соруктары толоруу кэнниттэн, босхо мэдиссиинискэй-психологическай өҥөнү ылыахтаахтарын туһунан сокуоҥҥа уларытыылар киирдилэр.
Итини таһынан анал байыаннай дьайыы кытыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр судаарыстыба өттүттэн өйүүр дьаһаллар тиһиктээхтик ылыллаллар. Байыаннай дьайыы кыттыылааҕа олорор дьиэтин-уотун, хомунаалынай өҥөтүн иһин төлөбүрдэрин быстах кэмҥэ төлөөбөтөх түгэнигэр пеняны ааҕыыттан босхолонуон сөп. Ол туһунан бу күннэргэ ону чопчулуур «РФ босхо юридическай көмө туһунан» Федеральнай сокуон 20 ыстатыйатыгар уларытыылары киллэрдилэр.
ЮРИДИЧЕСКАЙ КӨМӨ
Бу күннэргэ Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара босхо юридическай көмөнү ылалларын туһунан сокуоҥҥа илии баттаата. Онно этиллэринэн, байыаннай дьайыы кыттыылаахтара судаарыстыбаннай юридическай тэрилтэлэртэн эбэтэр албакааттартан босхо юридическай көмөнү ылыахтарын сөп.
Маннык көмөнөн 2014 сыллаахха Донбааска сэриилэспит дьон уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ эмиэ туһанар кыахтаахтар.
Өҥөнөн байыаннай сулууспалаахтар, бэйэлэрин баҕа өттүлэринэн итиэннэ хантарааҕынан кыттааччылар, мобилизованнайдар, добровольческай этэрээттэр чилиэннэрэ уонна кинилэр дьиэ кэргэннэрэ туһанар бырааптаахтар диэн суруллубут.
Онуоха сүбэ биэриитин өҥөтүн көрүҥэ эмиэ ыйыллыбыт. Ол курдук, сүрүннээн байыаннай дьайыылар кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр көрүллүөхтээх социальнай төлөбүрдэр, харчынан төлөбүрдэр боппуруостара, байыаннай дьайыыга сылдьан өлбүт эбэтэр сураҕа суох сүппүт байыаннай сулууспалаахтар боппуруостара киириэхтэрэ.
Санатар буоллахха, дойду Бэрэсидьиэнэ анал байыаннай дьайыы боппуруостарыгар оробуочай бөлөх киллэрбит өлбүт уонна сураҕа суох сүппүт байыаннай сулууспалаахтары билинии бэрээдэгин судургутутуу, ону таһынан байыаннай дьайыы кыттыылааҕа докумуонун чөлүгэр түһэриигэ судаарыстыбаҕа түһээни төлүүртэн босхолуур туһунан сокуоҥҥа илии баттаабыта.
КЫҺАЛҔАЛААХ БОППУРУОҺУ ПУОНДА БЫҺААРЫА
«Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда уонна байыаннай дьайыынан дьарыктанар бөлөх байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын бэтэрээннэригэр уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр көмөлөһөргө күүстэрин холбуохтара. Ол туһунан бу күннэргэ «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа Генсэбиэтин сэкирэтээрэ Андрей Турчак пуонда салайааччыта Анна Цивилеваны кытары көрсүһэригэр эттэ.
Субъектарга баар оробуочай бөлөх сүрүннээччилэрэ уонна эрэгийиэннэргэ баар пуондалар филиалларын салайааччылара бииргэ үлэлээһин тиһигин оҥоруохтара, ол боппуруостары быһаарарга уонна бэтэрээннэргэ аадырыстаах көмө оҥоһулларыгар кыаҕы биэриэ. Андрей Турчак эппитинэн, эрэгийиэннэргэ үлэлиир оробуочай бөлөхтөргө сүрүннээччилэр сыһыарыллыбыттар, кинилэр пуонда филиалларын үлэһиттэригэр көмөлөһүөхтэрэ.
Саха сиригэр бу пуонда бэс ыйын 1 күнүттэн үлэлиир. Судаарыстыбаннай пуонда салайааччыта Алексей Александров эппитинэн, пуонда сүрүн соругунан байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин, Донецкай уонна Луганскай норуодунай өрөспүүбүлүкэлэртэн кэлбит байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһүү буолар.
Итини таһынан сүрүннээччилэр федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи төлөбүрдэргэ сүбэ-ама биэриэхтэрэ, ханнык чэпчэтиилэр баалларын быһаарыахтара, олох-дьаһах боппуруостарыгар, социальнай көмө дьаһалларын туһаныыга юридическай көмөнү оҥоруохтара. Манна үлэлиир исписэлиистэри анаан үөрэттэрдилэр.
Маннык өҥөнөн байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ Дьокуускай куорат Ойуунускай уулуссатын 41/1 дьиэтигэр тиийэн туһаныахтарын сөп.
ҮЛЭНЭН ХААЧЧЫЙЫЫ
Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан, СӨ Дьарыктаах буолуутун киинэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин үлэнэн хааччыйар үлэлэрин салҕыыллар.
Бүгүҥҥү туругунан Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун сулууспатыгар байыаннай дьайыы 44 кыттыылааҕа үлэ көрдөөбүт, кинилэртэн 12 киһиэхэ үлэ булан биэрбиттэр. Оттон кинилэр дьиэ кэргэттэриттэн барыта 79 киһи үлэ көрдөөбүтүттэн, 30-н үлэнэн хааччыйбыттар. Ол курдук байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын үлэнэн хааччыйыыга Бүлүү, Эдьигээн, Ленскэй, Нам, Аллараа Халыма, Уус Маайа улуустара уонна Дьокуускай куорат үчүгэй көрдөрүүлэммиттэр. Оттон кинилэр дьиэ кэргэттэрин үлэнэн хааччыйыыга Абый, Амма, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Нерюнгри, Өймөкөөн, Таатта, Томпо улуустара уонна Дьокуускай куорат үлэлэһэллэр.
УЙУЛҔАНЫ КӨННӨРҮҮ
Бу күннэргэ Саха сирин психологтарын биригээдэтэ Уһук Илин федеральнай уокурук байыаннай госпиталларыгар уонна чаастарыгар үлэлиир. Психологтарбыт уолаттарбытын кытары ыйы быһа үлэлиэхтэрэ. Билиҥҥитэ Владивостокка уонна Уссурийскайга үлэлээтилэр, салгыы Сибирцевоҕа уонна Сергеевкаҕа тиийиэхтэрэ.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай киин дириэктэрэ Владимир Скрябин бэлиэтээбитинэн, байыаннай дьайыыга мобилизацияламмыттар уонна хантараагынан сулууспалааччылар уопсай туруктара кэминэн. Уолаттарбыт психологтары кытары аһаҕастык кэпсэтэллэр, бэйэлэригэр эрэллээхтэр.
Оттон Саха сиригэр кэлбит байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин кытары Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай киин уонна улуустарга баар филиаллар психологтара тиһиктээхтик үлэлииллэр, босхо көмөнү оҥороллор.
ЫҺЫАХХА – БОРОДУУКТА НОБУОРА
Өрөспүүбүлүкэ салалтата уонна олохтоохторо Саха сириттэн байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттарбытын таҥаһынан-сабынан, сэбинэн-сэбиргэлинэн, экипировканан хааччыйа, гуманитарнай көмөнү ыыта олороллор.
Соторутааҕыта Ил Дархан Айсен Николаев быһаччы сорудаҕынан Тирэх пууннарга бырысыаптаах «Сокол» квадроцикллары ыыппыттара. Салгыы бу квадроцикллар байыаннай дьайыы бара турар сирдэригэр инники күөҥҥэ сылдьар байыастарбытыгар тиийиэхтэрэ.
Итини таһынан бу күннэргэ «Саха сирэ эйигин кытары!» уопсастыбаннай хамсааһын тэрилтэлэртэн, биирдиилээн дьонтон хомуйбут баһыылкалара барбыттара.
Аны бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ салалтата саха төрүт бырааһынньыгынан – ыһыаҕынан сибэстээн ас-үөл нобуорун оҥорон байыастарбытыгар ыытаары былаанныыр. Онон уолаттарбыт, ыраах да сырытталлар, ыһыахтарын санаан-ахтан, бэйэлэрин амтаннаах астарын аһаан, күүстэригэр күүс эбиниэхтэрэ, дойдуларын тыынын билиэхтэрэ, кыайыы көтөллөөх эргиллиэхтэрэ диэн эрэнэбит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: