Быйыл күһүн буолан ааспыт быыбардар түмүктэрин политологтар, туһааннаах тэрилтэлэр ырытан элбэх түмүктэри оҥостуохтара буолуо. Киин быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан быһаччы үлэлэспит киһи буоларым быһыытынан сорох көстүбэт өрүттэри сэгэтэн, биир дойдулаахтарбар билиһиннэрэргэ сананным.
Саҥа тиэрмин
Быйыл сайыҥҥыттан быыбарга сыһыаннаах саҥа өйдөбүллээх “Экстерриториальнай УИК“ диэн тиэрмин эбии киирдэ. Бу урукку өттүгэр хаһан да туһаныллыбатах өйдөбүл, Арассыыйа Федерациятын саҥа сиригэр-уотугар сыһыаннаан баар буолла. Арассыыйа эбэ хотуҥҥа ДНӨ, ЛНӨ, Запорожскай, Херсонскай уобаластар сирдэриттэн-уоттарыттан киирбит быыбардыыр бырааптаах, ол эбэтэр Арассыыйа пааспарын ылбыт быыбардааччыларга анаан итинник ааттаах учаастактардааҕы быыбардыыр хамыыһыйалар тэриллибиттэрэ. Биллэр төрүөтүнэн ити саҥа тэриллибит хамыыһыйаларга төһө-хачча киһи куоластаабытын киэҥник кэпсиир көҥүллэммэт.
Аан бастакытын…
Аны туран, Арассыыйа киэҥ киэлититтэн ити үөһээ ааттаммыт саҥа сирдэргэ байыаннай дьайыыга ыҥырыллан барбыт биир дойдулаахтарбытын, кинилэргэ Арассыыйа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конституцияларынан мэктиэлэммит куоластыыр бырааптарын хааччыйар сыалтан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Киин быыбардыыр хамыыһыйатын уурааҕынан Экс-территориальнай быыбардыыр түөрт хамыыһыйа тэриллибитэ. СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Евгений Федоров: “Ити уурааҕы олоххо киллэрэргэ эн эрэ үлэлэһэр кыахтааххын», – диэн миэхэ тус сорудах биэрбитэ. Манна даҕатан эттэххэ, Саха сирин быыбардыыр хамыыһыйатын 105 сыллаах устуоруйатыгар маннык уустук усулуобуйаҕа, гражданскай да сэрии кэмигэр, 1941-1945 сс. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии сылларыгар, Афганистан, Чечня да сэриилэрин кэмигэр маннык хабааннаах быыбардааһын ыытыллыбатах эбит. Онон туох даҕаны ыстандаарт, үтүктэргэ холобур эҥин суох этэ. Куоластааһыны ыыта сырыттахпына, мантан Анатолий Денисович Кривошапкин эрийэн, «Историческай миссиялаах сылдьар эбиккин”, – диэбитэ.
Билсэ барыы…
Судургута суох сорудаҕы толорорго сананаммын эрдэттэн билсэр, көрөр сыаллаах от ыйын саҥатыгар айаннаабытым. Саха Өрөспүүбүлүкэтин нэһилиэнньэтин олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Лепчиков быһаччы дьаһалынан, Дьокуускай куоракка тэриллибит Биир кэлим координационнай киин салайааччыта Георгий Куркутовы илдьэ барбытым. Тиийэммит эрдэ олохтоммут сибээстэри туһанан, үөһээ ааттаммыт субъектары барытын кэрийэн, араас чаастарга сылдьан хамандыырдары, замполиттары көрсүтэлээбиппит. Быыбар ыытаары сылдьабыт, онно көмөҕө наадыйабыт диэн уон хонугу тилэри сылдьан, билсэн-көрсөн кэлбиппит. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит салалтата байыаннай дьайыы кэмигэр биир дойдулаахтарбытыгар, Арассыыйа аармыйатыгар көмөлөһөр сыаллаах үөһэ ааттаммыт саҥа субъектарга СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Андрей Федотов салалтатынан Тирэх пууннар (опорнай) аһыллан үлэлии туралларын истэн билэр этим. Оҥоһуллар көмө чопчу тиийэр уонна улахан далааһыннаах буолан, биһиги Ил Дархаммыт Айсен Николаевы тус билэр хамандыырдары кытта көрсүтэлээбиппит. Тирэх пууннарга үлэлиир уолаттары кытта билсэн кэпсэтэн, быыбары ыытарга Экстерриториальнай быыбардыыр хамыыһыйа састаабыгар киирэргэ сөбүлэҥнэрин, аҥкыаталарын толорон илдьэ кэлбитим.
Болдьоҕу уһатыы
Киин быыбардыыр хамыыһыйа уурааҕар быыбары ыытыы болдьоҕо 5 эрэ күнүнэн быһыллыбыта. Ол, биллэн турар, биһигини улаханнык хааччахтаабыта. Итиччэ киэҥ сиринэн тайаабыт фронт лииньийэтин кэрийэргэ, итиэннэ биир дойдулаахтарбытын куоластатарга ити биэс күн, биллэн турар, аҕыйах этэ. Дьэ ол иһин Саха сирин Киин быыбардыыр хамыыһыйата эппиэтинэһи бэйэтигэр ылан туран, Экстерриториальнай быыбардыыр хамыыһыйаларга быыбары ыытыы болдьоҕун икки күнүнэн уһатан биэрбитэ. Дьокуускай куоракка Экс-территориальнай хамыыһыйаҕа үлэлиэхтээх дьоммутун уоппускаҕа кэлэ сырыттахтарына мунньан, биир күн устата үөрэппиппит.
Быыбары тэрийии
Биһиги атырдьах ыйын 21 күнүгэр диэри туох-баар тэрээһин докумуоннарын ситэрэн, бүлүтүөннэрбитин кыбынан, быыбардыыр урналарбытын илдьэ ыраах эппиэттээх айаҥҥа туруммуппут. Дьокуускайтан ол дойдуга 3 күнэ суох тиийбэккин. Билигин ити эрэгийиэннэргэ көтөр ааллар көппөттөр, инньэ гынан Москваттан оптуобуһунан 18 чаас эбэтэр пуойаһынан 24 чаас айаннаан, Доннааҕы Ростов куоракка тиийиллэр. Онтон аны ДНӨ-ҕө баар билигин даҕаны үлэлэтэр пограничнай зонаны ааһан, тиийдибит. Тирэх пууҥҥа тиийэн бүлүтүөннэрбитин ааҕан, бэчээт ууран, илии баттаан, испииһэктэрбитин оҥосторбутугар, массыыналарбытын тыырарбытыгар үс күммүт ааспыта. Ситэрэн эттэххэ, Экстерриториальнай быыбардыыр хамыыһыйаҕа кэлбит быыбардааччыга икки бүлүтүөн бэриллибитэ: бастакы – Ил Түмэн, иккис – өрөспүүбүлүкэ Баһылыга.
Атырдьах ыйын 29 күнүгэр СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Андрей Федотов кэлэ сылдьарын туһанан бары учаастактардааҕы быыбардыыр хамыыһыйалар састааптарын мунньаммыт, үөрүүлээх быһыыга-майгыга быыбарбытын аспыппыт. Ол кэнниттэн бөлөхтөр сорудах итиэннэ бүлүтүөннэрин ылан баран, быыбары ыытыахтаах сирдэригэр айаннаабыттара.
Атырдьах ыйын 30 күнүгэр сарсыарда эрдэ 5 чааска бэйэбит маршруппутунан айаннаабыппыт. Тирэх пуун салайааччыта “С” (биллэр төрүөтүнэн аатын ааттыыртан туттунабын) хас киэһэ аайы хамандыырдары кытары кэпсэтэн, күн аайы уларыта сылдьан замполиттары кытары көрсүһүү аныыр. Биһиги көрсүһүүнү анаабыт сирдэригэр тиийэбит уонна замполиттарынан арыаллатан инники кирбиигэ айанныыбыт.
Санатан эттэхпинэ, хас биирдии улахан куораттар киириилэрэ-тахсыылара барыта блокпостардаахтар. Онно турар байыаннайдар хас биирдии ааһар массыынананы көрөллөр-истэллэр, судургутук эттэххэ, дьэҥдьийэн аһараллар. Туох диэххиний, балаһыанньа оннук.
Сарсыарда ааһарбытыгар: “Сэрэниҥ ДРГ-лар (диверсионно-развед. группа) баар буолуохтара, массыынаттан түһүмэҥ, ойуурга (лесополоса) кииримэҥ”, – диэн сүбэлииллэр.
(Салгыыта бэчээттэниэ).
Иван Андросов суруйуута.
Бүгүн Саха цииркэтигэр сылга биирдэ ыытыллар дьоро күн буолла – Ил Дархан үгэскэ кубулуйбут Харыйата.…
Дьокуускайга итирик кыыс харах балыыһатыгар айдаан таһаарбыт. Санаттахха, суһал офтальмологическай көмө киинигэр 30 саастаах кыыс…
Баһылай Манчаары аатынан "Модун" успуорт национальнай көрүҥнэрин киинигэр Федор Дегтярев аатынан СӨ мас-рестлиҥҥэ абсолютнай чөмпүйэнээт…
Урбаанньыттары уонна бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччы дьону түмэр "Биисинэс-Экспо” быыстапка сылтан сыл аайы ыытар үлэтэ киэҥ…
Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, Саха сирин бриллиантовай циркэтигэр 20-с төгүлүн өрөспүүбүлүкэҕэ баһылык харыйата буолла. Айсен…
Ньурба улууһугар Күндээдэ биир улахан, көхтөөх нэһилиэк. Манна 700-тэн тахса киһи олорор. Федеральнай суол Бүлүү…