Дурда-хахха буолуохтара
Горнайга Мытаах олохтоохторо байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга хаххалыыр сиэккэни оҥорууга көхтөөхтүк кытталлар.
Уопсайа 15-тии м. үс сиэккэ бэлэм буолла. Илии сылааһынан өрүллүбүт сиэккэлэр хорсун-хоодуот байыастарга дурда-хахха, көмө-өйөбүл буолуохтара диэн эрэнэбит. Бары да оннук санаалаах олорон үлэлээтибит.
Маны сэргэ, нэһилиэк кэрэ аҥардара сылгы сиэлинэн уллуҥнары, аптечка суумкаларын, плащтары, балаклавалары тигэн, «Блиндажнай чүмэчи » аахсыйаҕа кыттан, харысхал оҥорон, бэйэни ыраастанар набордары бэлэмнээн ыыталаабыттара.
Амарах дууһалаах нэһилиэкпит олохтоохторо уопсай дьыала туһугар көхтөөхтүк кыттыбыккытыгар нэһилиэкпит дьаһалтатын аатыттан ис сүрэхпититттэн махтанабыт.
Евдокия Пахомова,
Бэрдьигэстээх, Горнай.
Евдокия Пахомова, Анастасия Мордовская хаартыскаларга түһэриилэрэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: