Салгыы
Байыастарга «Хоту-Ас» аһын-үөлүн туттардылар

Байыастарга «Хоту-Ас» аһын-үөлүн туттардылар

Ааптар:
06.11.2024, 20:07
Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна
Бөлөххө киир:

Норуот сомоҕолоһуутун күнүгэр Саха сириттэн сылдьар байыастар «Хоту-Ас» хампаанньа аһын-үөлүн туттулар. Бу туһунан тирэх пууннар сүрүн координатора Юстас иһитиннэрдэ.

Маны сэргэ, ДНӨ, ЛНӨ бу күннэргэ тирэх пууннартан байыастарга массыыналар, матасыыкыллар, квадроцикллар, сибээс сириэстибэлэрэ, халыҥ таҥастар, аптечкалар тиэрдилиннилэр.

«Байыаннай дьайыы сиригэр-уотугар Мэҥэ Хаҥалас, Өлөөн, Нерюнгри улуустарын дэлэгээссийэлэрэ ситиһиилээхтик үлэлээтилэр. Донецкай, Запорожье, Луганскай, Курскай уобаластарга байыаннай сулууспалаахтарга сыаналаах тэриллэр тиэрдилиннилэр. Тымныы буолан эрэринэн, байыастарга электрогенератордары, сылаас таҥастары биэрдилэр. СӨ Ил Дарханын сорудаҕынпан хас да биригээдэ уонна куорпус «Якт-Сокол» квадроцикллары туттулар», — диир Юстас.

Сүрүн координатор этэринэн, Саха сирин тирэх пууннара байыаннай дьайыы сиригэр-уотугар Арассыыйа сэбилэниилээх күүстэрин кытта хардарыта сибээһи ыкса туталлар.

«Бу күннэргэ фашизмы утары өрөспүүбүлүкэтээҕи II пуорумҥа Илиҥҥи байыаннай уокурук хамандыырын байыаннай-бэлитиичэскэй үлэҕэ солбуйааччы, генерал Роман Греков кыттыыны ылар. Кини Саха сирин байыастарыгар эбии көмө оҥоһулларыгар улахан болҕомтотун уурар. Генерал-лейтенант Роман Греков Дьокуускайга үлэтинэн сырыыта биһиги биир сомоҕо буолуубутун, армия Саха сирин кытары ыкса сибээһи тутарын өссө биир туоһутунан буолар», — диэн бэлиэтиир Юстас.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 декабря
  • -28°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: