Дьокуускайга Бааһынай ырыынагын биир кыараҕас хоһугар, Аллайыаха улууһуттан Чокуурдаахтан төрүттээх Римма Моисеевна Бережнова уонна Сардаана Николаевна Лебедева салайыыларынан байыастарга көмөлөһөр соруктаах үлэ тиһиктээхтик салҕанар.
Бу үлэ быйылгыттан саҕаламмыта. Манна Аллайыаха, Муома, Өлүөхүмэ улуустарыттан куоракка олорор дьон истиһэн, бэйэлэрин баҕаларынан күннэтэ бириэмэлэрин аттарынан кэлэннэр күүс-көмө буолаллар. Арыт кинилэри кытта кэргэттэрэ, билэр дьонноро эмиэ кэлэн көмөлөһөллөр. Биир тылынан эттэххэ, төһө да кыараҕас хоско үлэлээтэллэр, үтүө дьыаланы оҥоро сылдьаллар. Бары элэккэйдэр, олоҕу сыаналыыллар, дьоҥҥо-сэргэҕэ истиҥ сыһыаннаахтар. Эрчимнээхтик, сып-сап хамсаналлар. Кинилэр түргэн-тарҕан туттунууларын аттыларынан ааһан иһэн көрбүт киһи кыттыһан, көмөлөһөн барбытын бэйэтэ да билбэккэ хаалыан сөп курдук. Бу үлэни-хамнаһы салайар дьон ким баҕалаах кэлэн көмөлөһөрө буоллар, үөрүүнэн көрсүөхпүт этэ дэһэллэр.
Бэҕэһээ кинилэргэ биир бэлиэ түгэн буолла. Ол курдук, бу үлэлиир анал хосторо кыараҕаһын көрөн, ырыынак салалтата биир кураанах турар хоһу биэрдэ. Онон кэҥээн, үлэлэрэ-хамнастара өссө тэтимирдэ.
Августина Хабарова
Ааптар хаартыскаларга түһэриитэ
Бүгүн, сэтинньи 22 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар 49 кыраадыска тиийэ тымныйара күүтүллэр диэн УГМС…
ХОЙ Дьону кытта тапсар, уопсай тылы булар кэмиҥ. Элбэх соруктары туруоруммуккун, олоргун ситиһэ сатаа. Сүрэҕэлдьиири…
Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…
Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…
Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…
Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…