Байыастарга көмөнү оҥоруу салҕанар
06.11.2023, 09:40
Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна
Бөлөххө киир:
Саха сирэ байыастарга гуманитарнай көмөнү оҥорор.
ДНӨ тирэх пуун байыастара Нерюнгри оройуонун кытта бииргэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар гуманитарнай көмөнү оҥордулар. Бу байыастар сайаапкаларынан бэлэмнэниллибит.
«Байыаннай сулууспалаахтарга өрөспүүбүлүкэ оройуоннара улахан көмөнү оҥороллор. Оройуоннар баһылыктарыгар уонна тирэх пуун үлэһиттэригэр барыларыгар махтанабын», — диэн бэйэтин ТГ-ханаалыгар Ил Дархан Айсен Николаев суруйар.
«Биһиги аһы-үөлү, эбии экипировкалары, уо.д.а. наадалаах малы-салы тиэртибит», — диэн иһитиннэрбит Нерюнгри оройуонун баһылыга Роман Щегельняк. Кини байыастарга гуманитарнай көмөнү оҥоруу Саха сирин сүрүннүүр кииниин кыраапыгынан тиһиктээхтик салҕаныаҕын бэлиэтээбит.
+1
+1
1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: