Байыастарга көмөнү тиэрдээри…

Share

Сырыыбыт үһүс күнэ, ахсынньы 3 күнэ.  Бу күн тустаах баһыылкалары, тиэрдиллиэхтээх сээкэйдэри сып-сап тиэнээт  айаннаатыбыт.

Мариуполь куораты эмиэ ортотунан ааһан Р. сэлиэнньэни таарыйан, П. диэки салайа туттубут. Ол истэхпитинэ, бүтэҥи тыас ньиргийэн иһилиннэ, инники олорооччулар үс ба­­йыаннай бөртөлүөт мастар эрэ үрдүлэринэн Гуляй хонуу диэки супту түһэн эрэрин көрөн хааллылар. Дьэ, ньиргитэн, тыа­һаан-уһаан сүрдээх ааллар.

Ити икки ардыгар М. диэни ааһа оҕустубут уонна чааска тиийбэтинэн айан­наан, П. диэн сирбитигэр-уоппутугар кэллибит, чаһыны көрбүтүм: 11 чаас, 24 мүнүүтэ буол­бут. Холбоон-тараан, үс чаас кэриҥэ айаннаабыт эбиппит. Сэлиэнньэ иһигэр киирээт, ханна тиийиэх­тээх “туочукабытын” быһаарыстыбыт, анарааҥҥыларбыт маҕаһыын уонна ырыынак аттыларыттан чугас эргин күүтүҥ диэбиттэригэр,  тута ол диэки тиийдибит. Аҕыйах мүнүүтэ күүттүбүт, Бүлүү улууһун Чинэкэтиттэн сылдьар “Хантер” диэн позывнойдаах байыас бииргэ сулуус­палыы сылдьар икки байыа­һы кытта кыра тимир көлөнөн эмискэ баар буола түстүлэр. Ыксыыллара харахха тута быраҕыллар, тоҕото өйдөнөр.  Кэлбит баһыылканы, сээкэйи сып-сап тиэнэн бара охсуохтаахтар буоллаҕа. Дьон болҕомтотун соччо-бачча тардыа суохтаахтар. Улуус аатыттан тиийбит матысыыкылы бары көмөлөөн сүөкээбиппитин кэнниттэн “Хантер” байыас на­­чаас икки ардыгар сур-соноҕос буолан, көлүллүөхтээх матасыыкылы собуоттуу оҕуста уонна бэрэбиэркэлээн ыытан көрдө. Саҥа-саҥа курдук буоллаҕа, гааһын адьас эрийтэрбэт, кыратык  эрийдэ да иннин диэки бэрт сыыдамнык “ыстанар”. Ойуурдаах, мөлтөх сиринэн айанныырга тэҥэ суоҕа чуолкай буоллаҕа. Тимир соноҕоһугар олороот, кэлбит сирин диэки көрүөх бэтэрээ өттүгэр мэлис гынан хаалла. Биһиги “Байыаспыт этэҥҥэ эрэ сырыт!”  диэн эрэ хааллыбыт.

Салгыы Ч. диэн сиргэ айаннаатыбыт уонна олохтоох бириэ­мэнэн 13 чаас 40 мүн. тиийээт да болдьоммут сиргэ кэтэһэн турар байыас­ка  баһыылкалары тутта­раат (аадырыстаммыт уолаттар инники кирбииттэн кыа­йан кэлбэтэх этилэрэ, онон атын уол көрсөн ылбыта) түргэнник төнүннүбүт. Тоҕо диэтэххэ, кутталлаах “көтөрдөр” (дроннар) баалларын биллэрэн эрэллэр диэн блокпоһу ааһан истэхпитинэ, тута сэрэппиттэрэ.

Пилот эҕэрдэтэ

Б. диэн сиргэ айан­наан истэхпитинэ, эмиэ маарыыҥҥы курдук сири ньиргитэр бүтэҥи тыас иһилиннэ. Аҕыйах сөкүүндэнэн били үс бөртөлүөт аттынааҕы бааһына үрдүнэн кэлэн, эрийэ тутан эргийэн бардылар. Биһиги диэкинэн олус ыксатык ааһыыһылар диэн, тимир көлөлөрбүтүттэн ойон тахсан, суотабайдарбытыгар устарга, хаартыскаҕа түһэрэргэ бэлэм турдубут. Өр буолбатылар, олоҥхолорго кэпсэнэр өксөкү кыыл курдук күпсүтэн бу тиийэн кэллилэр, этэргэ дылы, эрийэр биин­тэлэрин салгына бу кэлэргэ дылы буолла. Инники тураач­чылар үөрэн далбаатаабыттарыгар, пилот эмиэ далбаа­таан эҕэрдэлэһэн ааста, ити курдук олус чугастык аастылар. Пилот болҕомтотун уурбутуттан бары даҕаны кыра оҕолуу  үөрдүбүт-көттүбүт, сүргэбит олус көтөҕүлүннэ. Икки КА-52 (аллигатордар) уонна Ми-8 бөртөлүөттэр ыы муннубут иннинэн иккитэ эрги­йэн ааспыттарын көрөр дьоһун­наах этэ. Барыбытын, модун да, түргэн да ааллардаах эбиппит диэн, киэн туттуу кууспута чуолкай. Аны ол турдахпытына, икки истребитель халлаантан сулус түһэрин курдук биирдэ супту түһэн элэс гынан хаалла.  Ырааппыттарын кэннэ биирдэ тыастара иһилиннэ. Көр, оннук түргэн буоллахтара.

Дьоҕус госпитальга

Салгыы С. диэн сиргэ баар дьоҕус госпитальга тиийдибит. Олохтоох бириэмэ 16 чаас 28 мүнүүтэ, халлаан боруҥу­йан эрэр.  Орто Халыматтан сылдьар “Медик” диэн кистэлэҥ ааттаах-суоллаах  маҥан халааттаах аанньалга (арыый уобарастыым, дьиҥэр, ба­­йыаннай таҥастааҕа) уолаттарбытыгар анаммыт баһыылкалары, сээкэйдэри хааллардыбыт. Уолаттар киниэхэ хааллараарыҥ диэн эрдэттэн сэрэппиттэрэ, инники кирбииттэн таҕыстахтарына ылыахтаахтар.  Инники кирбииттэн соччо-бачча ырааҕа суохпут биллэр, улахан байыаннай тиэхиньикэлэр биир кэм тохтоло суох субуруһаллар, ону кытта киирсии тыаһа иһиллэр… Онон уһуурбут табыллыбат,  төттөрү баазабыт диэки түстүбүт. Аны туран, сарсын ааттаах эрдэ Луганскай диэки ыраах айанныахтаахпыт.

“Хантер”,  байыаннай дьайыыга сылдьар байыас:

– Сахам сирин дьонугар-сэргэтигэр, биир дойдулаахтарбар көмөҕүт, өйөбүлгүт иһин улахан махталбын тиэрдэбин! Кыайыы хайаан да биһиэнэ буолуоҕа! Түгэнинэн туһанан, Чинэкэм  орто оскуолата тэриллибитэ 95 сыллаах үбүлүө­йүнэн (бу күннэргэ буолар)  биир дойдулаахтарбар уонна элбэххэ үөрэппит, такайбыт билигин үлэлии сылдьар  учууталларга уонна бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор, убаастанар-ытыктанар бэтэрээн педагогтарга эҕэрдэбин аныыбын. Күндү дьонум этэҥҥэ сылдьыҥ диэн алгыспын тиэрдэбин.

Роман Софронов, Бүлүү улууһун Хаҕын нэһилиэгин баһылыга:

– Байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар гуманитарнай көмөнү тиэрдиигэ бу бастакы сырыым буолар. Уолаттарбыт сакаастаабыт сээкэйдэрин, ол эбэтэр саамай наадалаахтарын, төһө кыалларынан, тиксэрэ сатаатыбыт. Уопсайа 80 сайаапкаттан 70-нун тиэртибит.  Хаалбыт 10-ну тирэх пуун үлэһиттэригэр баазаҕа хааллардыбыт. Барыларыгар чопчу тиэрдэр хайдах да кыаллыбат эбит. Биһиги тиийэ сылдьар кэммитигэр, ким эрэ уоппускаҕа сылдьар,  ким эрэ госпитальга сытар буолан биэрдилэр. Кэлин бэйэлэрэ билсэн ылыахтара. Барыларын хайдах да сатаан көрсүбэтибит. Сорохтор тиийиэхтээх сирбититтэн чугас сытар үөлээннээхтэрин ыытан көрсүһүннэрэн ыллараллар. Уолаттарбыт барахсаттар махталлара муҥура суох. Санаалара бөҕөх, күүстээх.  Түгэнинэн туһанан, тирэх пуун байыастарыгар улахан махталбын тиэрдэбин. Кинилэр быһаччы көмөлөрүнэн байыастарбытыгар тус­таах көмөнү тиэртибит.

Николай Харлампьев, Бүлүүтээҕи бибилэтиэкэлэр ситимнэрин салайааччы:

– Запорожье, Донецкай, Луганскай уонна Курскай хайысхаларынан сылдьар байыастарбытыгар  матасыыкыллары, тепловизордары, түүн көрөргө аналлаах прицеллэри, сибээс­кэ туһаныллар сириэстибэлэри, хаххалыыр сиэккэлэри сэргэ бородуукталары тиксэртээтибит. Манна улахан көмөнү улууспут уопсастыбанньыктара оҥордулар. Ону тэҥэ, байыастарбыт чугас дьонноро, кэргэттэрэ анаан-минээн бэлэмнээн ыыппыт баһыылкаларын аҕалан туттартаатыбыт. Уолаттарбыт олус диэн үөрдүлэр, муҥура суох махталларын биллэрдилэр.

Дьокуускай – Запорожье – Дьокуускай.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Петарда эстэн Ленскэй оройуонугар ресто-кулууп умайда

Бу сарсыарда ахсынньы 21 күнүгэр  Ленскэй куорат  Пролетарскай уулуссаҕа ресто-кулууба умайда. Барыллаан быһаарыынан, дьиэ иһигэр…

1 секунда ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Дьокуускайга 1 №-дээх Марха орто оскуолатын эбии дьиэтэ аһылынна

Субуотаҕа, ахсынньы 21 күнүгэр, Дьокуускайга 1 №- дээх Марха орто уопсай үөрэхтээһинин оскуолатын эбии дьиэтин…

11 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускай олохтооҕо Ярославскай уулуссаҕа маҕаһыынтан шурупер уорбут

Дьокуускай полицейскайдара тиэхиньикэ маҕаһыыныттан уорууну арыйбыттар.  Дьуһуурунай чааска сайабылыанньа суруйан, Ярославскай уулуссаҕа маҕаһыын бэрэстэбиитэлэ ыҥырбыт.…

20 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дойду бырабыыталыстыбата быраастар хамнастарыгар анаан 10 млрд солк. ыытыаҕа

2025 сылга дойду бырабыыталыстыбата эрэгийиэннэринэн үлэҕэ ылыллар мэдиссинэ үлэһиттэрин хамнастарыгар 10 миллиард солкуобайы ыытыаҕа. Бу…

30 минут ago
  • Култуура
  • Уопсастыба

Кынаттаах хоһооннор көттүлэр

«…Сыллар хонуктар аастар-ааһаллар...” диэн ырыа тыла баара. Онтон бу сыллар-хонуктар хас биирдии киһиэхэ туох бэлиэни…

45 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Үтүө санаа харыйата» аһымал аахсыйа чэрчитинэн, Ил Дархан оҕолор баҕа санааларын толоруоҕа

Ил Дархан Айсен Николаев үгэс быһыытынан бүтүн Арассыыйатааҕы "Үтүө санаа харыйата" аахсыйаҕа кытынна. РФ сылы…

45 минут ago