Байыастарга мэдиссиинэ көмөтө салҕанар
Саха сиригэр 2,5 тыһыынчаттан тахса байыаска мэдиссиинэ көмөтө оҥоһулунна.
Доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрэ байыастарга көмөлөрө салҕанар. Байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан 2584 байыас мэдиссинэ көмөтүнэн туһанна. Бу туһунан СӨ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин кылаабынай терапева Айталина Торонова иһитиннэрэр.
Ол курдук, байыаннай дьайыы 1851 кыттыылааҕа амбулаторнай көмөнү ылбыт, 677 байыас — стационарнай көмөнү. 284 киһи доруобуйаларын чэбдигирдиммиттэр, психотерапевтическай уонна психиатрическай көмөнү 579 байыас ылбыт.
«Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар диспансеризация киллэрилиннэ. Тэрээһини СӨ мэдиссиинэ тэрилтэтин бастакы сүһүөх звенота нэдиэлэ хас алтыс күнүн ахсын тэрийэн ыытар. Байыаннай дьайыы кыттыылаахтара биир күн иһигэр доруобуйаларыгар наадалаах чинчийиини ааһаллар уонна исписэлиистэр сүбэлэрин-амаларын ылаллар. Уопсайа 739 байыас профилактическай тэрээһини аастылар«, — диэн иһитиннэрэр кини.
Маны таһынан, байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан Саха сирин быраастара миэстэтигэр баран олохтоох дьоҥҥо мэдиссиинэ көмөтүн тиһиктээхтик оҥороллор. Бу үлэ Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан ыытыллар.
ДНӨ Докучаевскай куоратыгар Саха сирин быраастара симиэнэнэн хардарыта баран үлэлииллэр. Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин кылаабынай терапева иһитиннэрбитинэн, билигин онно хирург, травматолог уонна реаниматолог тиийэн үлэлии сылдьаллар. Саха сириттэн тиийбит быраастар нэһилиэнньэҕэ көмөнү оҥороллорун таһынан, куораттааҕы киин балыыһа исписэлиистэрин кытары үөрүйэхтэрин атастаһаллар.
СӨ Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: