Салгыы
Байыастарга нэдиэлэ иһигэр 450 сүбэ-ама оҥоһулунна

Байыастарга нэдиэлэ иһигэр 450 сүбэ-ама оҥоһулунна

Ааптар:
19.07.2024, 14:59
Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна
Бөлөххө киир:

Ааспыт нэдиэлэҕэ байыаннай сулууспалаахтарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр 300 саҥа уонна хатылаан кэпсэтии ыытыллыбыт, 450 биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн сүбэ-ама оҥоһуллубут.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай киин дириэктэрэ Владимир Скрябин бу туһунан иһитиннэрэр.

«Элбэх эр киһи, ордук Саха сиригэр, бэйэлэрин ис туруктарын, санааларын-оноолорун кэпсиир үгэстэрэ суох. Туох баар санааларын истэригэр туталлар. Ол гынан баран, бу кинилэри өйдүүргэ, кинилэргэ ким эрэ болҕомтотун уурарыгар наадыйбаттар диэн буолбатах«, — диир Владимир Скрябин.

Психологтар байыаннай сулууспалааҕы кытары ыраахтан олорон кэпсэтэргэ күүскүтүнэн модьуйумаҥ, бэйэҕит айманаргытын, санааргыыргытын киниэхэ биллэрэ, аймыы сатаамаҥ диэн сүбэлииллэр. «Ол оннугар кинилэри истэргэ кыһаллыҥ. Кинини күүтэргитин уонна өйүүргүтүн этиҥ», — диэн этэр.

Байыастары уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин кытары үлэлии үөрүйэхтээх психологтартан сүбэ-ама ылыаххытын сөп. Ыйытыылаахтар бу төлөпүөҥҥэ эрийиэххитин сөп:  8 (4112) 31-91-09. Маны таһына:  8-800-100-35-50 эбэтэр 122, салгыы 6 уонна 2.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
7 декабря
  • -22°C
  • Ощущается: -28°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: