Байыастарга таҥаһы-сабы тигиигэ күрэс саҕаланна
Байыастарга таҥас-сап тигиитигэр куонкурус Дьокуускайга «Кыайыы 50 сыла» успуорт дыбарыаһыгар саҕаланна.
«Үлэ-иис күрэҕэ» күрэскэ өрөспүүбүлүкэ 10 улууһуттан сэттэ хамаанда кыттар.
«Эһиги үлэҕит үрдүктүк сыаналанар. Байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга дойду бүттүүнэ өйөбүл оҥорор. Эһиэхэ көмөҕүт, өйөбүлгүт иһин махтанабын», — диэн тэрээһин кыттыылаахтарыгар туһаайан СӨ Гражданскай оборуона дьыалаларыгар уонна нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйыы миниистирэ Дмитрий Лепчиков эттэ.
Тэрийээччилэр нэһилиэнньэ дойдуга бэриниилээх буолуутун күүһүрдэр, байыастары өйүүр уонна уопсастыбаннай үлэҕэ дьон кыттыытын көҕүлүүр сыаллаах-соруктаах тэриллэр диэн этэллэр. «Илии сылааһа» хамсааһын салайааччыта Ирина Саввина биир хамаанда сэттэ кэмпилиэги тигэрин, онно таҥас 15 арааһа киирэрин быһаарар.
Күрэс түмүгүнэн алта бастыҥ хамаанда ааттаныахтаах. Ону таһынан, анал номинациялар баар буолуохтара. Түмүк от ыйын 11 күнүгэр тахсар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: