Байыастарга уонна кинилэр чугас дьонноругар өйөбүлү, көмөнү оҥоруу салҕанар
Бу туһунан СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов брифиҥҥэ эттэ.
«Ол курдук, 112 ыал дьиэлэрин гаастыыр кыахтаннылар. Байыастар төрөппүттэрэ — 340 киһи санаторийга, куруорка эмтэннэ. 305 киһи байыаннай сулууспалаах эмтэнэр сиригэр тиийэргэ материальнай көмөнү ылбыта. Доруобуйа харыстабылын уонна социальнай көмөнү оҥорор тэрилтэлэргэ 749 байыас уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин 1163 чилиэнэ доруобуйаларын чэбдигирдиммиттэрэ. 240 киһи социальнай өҥөнөн туһаммыта«, — диэн этэр Георгий Степанов.
Сүрүн хайысхалартан биирдэстэринэн байыаннай сулууспалаахтар уонна кинилэр чугас дьонноро дьарыктаах буолууларыгар көмөлөһүү. Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинигэр үлэ боппуруоһунан 504 киһи сылдьыбыт, ол иһигэр 163 байыаннай дьайыы кыттыылааҕа уонна кинилэр дьиэ кэргэттэриттэн 341 киһи. Итинтэн 117 киһи үөрэххэ ыытыллыбыт, 286 киһи үлэнэн хааччыллыбыт.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: