Байыастарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмө салҕанар

Share

СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирин бастакы солбуйааччы Альбина Трубина байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын доруобуйаларын чөлгө түһэриигэ, кинилэр үлэлээх буолууларыгар наадалаах идэҕэ үөрэхтиигэ, буойуттар дьиэ кэргэттэригэр, оҕолоругар уйулҕа туругун тупсарыыга көмөнү оҥорууну социальнай өттүнэн арыаллааһыҥҥа анал бырагыраама үлэлиирин билиһиннэрдэ.

— Министиэристибэ дьаһайыытыгар баар доруобуйа туругун чөлүгэр түһэриигэ үлэлиир кииннэр баазаларыгар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын доруобуйаларын чөлгө түһэриигэ, кинилэр үлэлээх буолууларыгар наадалаах профессиональнай үөрэхтээһиҥҥэ, буойуттар дьиэ кэргэттэригэр, оҕолоругар психологическай көмөнү оҥорууну социальнай өттүнэн арыаллааһыҥҥа анал бырагыраама оҥоһуллан үлэлии турар. 21.03.2023 с. дааннай туругунан, итинник көмөлөрү байыаннай эпэрээссийэ 88 кыттыылааҕа уонна 66 кинилэр төрөппүттэрэ ыллылар.

«Инбэлииттэри профессиональнай уонна медико-социальнай өттүнэн чөлгө түһэрэр өрөспүүбүлүкэтээҕи тиэхиньикум-интэринээт» идэ биэрэр өҥөтүнэн 56 буойун уонна байыаннай дьайыыга кытта сылдьар дьонноох дьиэ кэргэнтэн 3 киһи идэҕэ үөрэннилэр. 2023 – 2025 сс. байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин социальнай өттүнэн чөлгө түһэриигэ бырагыраама оҥоһуллан бигэргэтилиннэ. Бырагыраама бу дьон доруобуйатын, уйулҕатын туругун чөлгө түһэриигэ үлэни ыытарын таһынан кинилэр үлэлээх, социальнай өйөбүллээх буолууларын кытта көрөр. Маннык көмөнү билиҥҥи туругунан байыаннай дьайыы кыттыылааҕын 26 дьиэ кэргэнэ ылла. Социальнай эйгэ уонна мэдиссиинэ өҥөлөрүн оҥоруу стандартыгар сөп түбэһиннэрэн, реабилитациялыыр, эминэн хааччыйар өҥөлөр кэрискэлэрэ оҥоһулунна. Социальнай реабилитацияҕа үлэлиир тэрилтэлэри кытта 9 Сөбүлэһии түһэрсилиннэ. Социологическай чинчийии түмүгүнэн, билигин чөлгө түһэриигэ наадыйааччылар өттүлэриттэн тыҥааһын, астыммат буолуу таһыма намтаабыта көстөр.

Эмтэнэ, чөлгө түһүүгэ киирэр дьоҥҥо анаан сырыы аайы 20 куойка миэстэ көрүллэр. Сылга маннык өҥөнү 340 буойун уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ ылыахтара. Өҥөнү кэҥэтии түмүгэр ити бырагырааманан «Самородок» бассейнҥа гидрокинезотерапия, гидрореабилитация нэдиэлэҕэ иккитэ ыытыллар. Бу маннык көмөлөр түмүктэригэр буойуттар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин туруктара биллэ тупсар, санаалара-оноолоро көнөр суолга киирэр. Уйулҕа туругун чөлгө түһэриигэ Полежаевтар Аһымал пуондаларын кытта иппотерапия дьарыгын ыытыыга Сөбүлэһии түһэрсиллибитэ.

Маны таһынан байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын идэҕэ үөрэтии, үлэнэн хааччыйыы дьаһаллара оҥоһулуннулар. Үгүстэри атын идэлэргэ үөрэнии, бэйэ дьыалатын арыйыы, социальнай хантарааҕы ылыы уонна бырамыысыланнаска баахтанан үлэлээһин интэриэһиргэтэр. Юридическай араас боппуруостарга, олорор дьиэни гааска холбооһуҥҥа, судаарыстыбаттан көрүллэр төлөбүрдэр көрүҥнэригэр босхо сүбэлэр бэриллэллэр.

Байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар төлөбүрдэр толору төлөнө тураллар. 2 буойуҥҥа социальнай төлөбүр көрүлүннэ, 2 буойун тиэхиньикум-интэринээккэ үөрэнэ сылдьар, 3 – үлэнэн хааччылынна.

Маны таһынан биһиги министиэристибэбит байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр өйөбүлү, көмөнү оҥорууга ыытар үлэлэрин хайысхата элбэх. Ол быһыытынан ыытыллар үлэлэр салҕанан бараллар. Саамай сүрүнэ – салгыы олорууга, үлэлээн-хамсаан сылдьыыга буойуттар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин туруктара тупсуута, санаалара-оноолоро көнүүтэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мировой сууттар үлэлэригэр уларыйыылар киириэхтэрэ

Арассыыйа Юстицияҕа министиэристибэтэ суут үлэтигэр сыһыаннаах саҥа бырайыагы бэлэмнээтэ диэн Ил Түмэн иһитиннэрэр. Мировой суукка…

20 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Улуус хамыыһыйата социальнай эбийиэккэ тутуу үлэтин хаамыытын дьүүллэстэ

Быйыл күһүн Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Маттаҕа аҕам саастаах уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьон дьиэлэрэ үлэҕэ киириэхтээх.…

32 минуты ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үрдүкү кылаас үөрэнээччитэ сэттискэ үөрэнэр оҕоттон харчы кыһайан ылбыт

ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дознавателэ куорат биир оскуолатыгар тахсыбыт быһылаанынан РФ Холуобунай Кодексын 163-с…

45 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Водоканал Мархаҕа уу турбатын ситимин тутуу бырайыагын олоххо киллэрэн саҕалыаҕа

Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл түмүгүнэн “Водоканал” АУо үпкэ-хаһаайыстыбаҕа үлэтин түмүгүн көрөр мунньахха, Дьокуускай…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Билгэлэр: итэҕэй-итэҕэйимэ

Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр бит-билгэ арааһа баар. Үгүс дьон онно олуһун итэҕэйэр, оттон сорохтор наадыйбаттар, улахаҥҥа уурбаттар.…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

АЛРОСА төрүт норуоттар нэһилиэстибэлэрин харыстааһыҥҥа көмөлөһөр

АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын  кытары хардарыта бииргэ…

2 часа ago