Байыастарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөнү оҥоруу, өйөбүл салҕанар
Саха сиригэр байыастары уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин үлэнэн хаачыйыы уонна үөрэтии салҕанар.
СӨ нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун сулууспата байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр чугас дьонун кытары үлэлэрэ тиһиктээхтик ыытыллар. Бу туһунан Саха сиригэр нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин дириэктэрин солбуйааччы Игорь Соловьев иһитиннэрдэ.
Ол курдук, сыл саҕаланыаҕыттан дьарыктаах буолуу сулууспатыгар 117 байыас сылдьыбыт, итинтэн 50 киһи үлэнэн хааччыллыбыт, 23 киһи араас идэлэргэ үөрэххэ ыытыллыбыт. Сүрүннээн оробуочай идэлэри талбыттар. Суоппар, экскаватор машиниһа, электрик, уо.д.а.
Байыастар дьиэ кэргэттэрэ үлэлээх буолууларыгар болҕомто эмиэ ууруллар.
«219 киһи көмө көрдөөбүтүттэн, 148 киһи үлэнэн хааччыллыбыт, 13 киһи үөрэнэр», — диэн иһитиннэрэр Игорь Соловьев.
Байыастар оҕолоро быстах кэмҥэ дьарыктаах буолууларыгар ураты болҕомто ууруллар. Ол курдук, сайыҥҥы кэмҥэ 109 оҕо араас тэрилтэлэргэ үлэлээбит.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: