Байыастарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологическай көмө оҥороллор
Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан байыаннай сулууспалаахтарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологическай көмө оҥоруу үлэтэ салҕанар. Бүгүҥҥү күҥҥэ уйулҕаһыт көмөтүнэн 11 тыһыынчаттан тахса киһи хабылынна. Бу туһунан брифиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина иһитиннэрдэ.
Психологтар Дьокуускайга эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ оройуоннарыгар эмиэ үлэлииллэр. Психологическай көмөнү ыларга “итии линияҕа” 122 нүөмэргэ эрийиэххитин сөп. Ону тэҥэ 8-800-100-3550 суукканы эргиччи босхо линия үлэлиир.
Ону тэҥэ байыаннай дьайыыттан мобилизацияланан кэлбит дьоҥҥо уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр медицинскэй көмө салҕанар. Эмтэнэргэ тус бэйэлэригэр бырагыраама оҥоһуллар. Чөлүгэр түһэриини ааһарга тастан уонна балыыһаҕа сытан эмтэниэххэ сөп.
Билигин мэдиссиинэ көмөтүн байыаннай дьайыы 270 тахса кыттыылааҕа уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин 4480 кэриҥэ чилиэнэ ыллылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: