Байыастарга үлэ дьаарбаҥката тэрилиннэ

Share

Ыам ыйын 16 күнүгэр СӨ Дьарыктаах буолуу киинэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан Кэлим көмө күнүн тэрийдэ. Бу тэрээһин бары улуустарга ыытыллар.

Бу күн «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуондаҕа үлэ көрдөнөр дьоҥҥо дьаарбаҥка уонна үлэ буларга көмөлөһөр тренинг, психолог өҥөтө уонна миэдиктэр доруобуйа туругун көрүүлэрэ-истиилэрэ буолла.
Маны тэҥэ, «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда салайааччыта Алексей Александров, СӨ Дьарыктаах буолууга судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Светлана Горюшинская, «Сердца солдатских матерей» түмсүүнү салайааччы Мария Тимофеева-Федорова анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын, дьиэ кэргэттэрин кытта көрүстүлэр, ыйытыыларыгар хоруйдаатылар.

Ааптар түһэриитэ.
Хаартыска: ааптар түһэриилэрэ

— Бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ тыһыынчаттан тахса үлэни биэрээччиттэн уон тыһыынчаттан тахса вакансия баар. Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмө инники күөҥҥэ тутуллар. Билигин оробуочай идэлэр ордук сыаналаналлар, быдан үрдүк хамнастаахтар. Үчүгэй вакансиялар бааллар. Дьарыктаах буолуу кииннэрэ үөрэнэргэ, идэ ыларга эмиэ көмөлөһөллөр. Биһиги байыастар эйэлээх олоххо кэлэн, оннуларын булалларыгар, үлэлээх буолалларыгар туһаайан үлэлиибит. Онон бүгүҥҥү дьаарбаҥкаҕа бэйэҕитигэр сөптөөх үлэни буларгытыгар баҕарабын, — диэн Светлана Горюшинская эттэ.
Көрсүһүүгэ байыастар уонна кинилэр ийэлэрэ, кэргэттэрэ араас ыйытыылары биэрдилэр. Холобур, байыастар оҕолоро үлэ булалларыгар туох көмө оҥоһуллар диэн ыйытыыга ыам ыйын 28 күнүгэр оҕолорго үлэ дьаарбаҥката ыытыллыаҕа диэн хоруйдаатылар. Маны тэҥэ, инбэлиит буолан кэлбит дьон үлэ булалларыгар, хас биирдиилэрин кытта туспа үлэлэһиэхпит диэн эттилэр.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сэтинньи – Байанай ыйа

Кыһыҥҥы ыйбытыгар үктэннибит. Былыр өбүгэлэрбит айылҕаҕа чугас буолан, күнү-дьылы кэтээн көрүүлэрэ күүстээҕэ, олоҕу кытары ситимнээҕэ.…

14 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

2025 сылга хамнас муҥутуур алын кээмэйэ үрдүөҕэ

Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2025 сылга Арассыыйаҕа хамнас муҥутуур алын кээмэйин 22 440 солк. аныырга…

45 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Нэдиэлэтээҕи гороскоп (сэтинньи 1–8 күннэрэ)

ХОЙ Айар эйгэлээх хойдорго үтүө кэм. Атын омук тылын үөрэтэргэ, саҥаны ылынарга сөптөөх кэм үүммүт.…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Хоту улуустарынан -40°С кыраадыска диэри тымныйар

Саха сиригэр сэтинньи 1 күнүгэр үгүс оройуоннарынан хаар түһэрэ күүтүллэр. Хотугулуу-илин өттүгэр сөҥүүтэ суох. Кыра…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тускул сэтинньини анаарда

Сэтинньи саха саамай сүгүрүйэр ыйа -- өбүгэ Байанайы кытта ыкса сибээстиирэ. Махталлаах булчукка Байанай хара…

12 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыастарга халыҥ таҥаһы хомуйуу сэтинньи бүтүөр диэри салҕанар

Бу туһунан бүгүн  #МЫВМЕСТЕ эрэгийиэннээҕи салаатын салайар Айыллаан Винокуров эттэ.  "Ыстаап халыҥ таҥаһы-сабы, наадалаах малы-салы уонна…

12 часов ago