Байыастарга 19 судаарыстыбаннай көмө миэрэтэ оҥоһуллар

Share

Саха сиригэр бэс ыйын 1 күнүттэн байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүр “Аҕа дойдуну көмүскээччилэр” судаарыстыбаннай пуонда салаата үлэлээн саҕалыаҕа. Ол туһунан бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов иһитиннэрдэ.

— Өрөспүүбүлүкэбитигэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмө миэрэлэрэ салҕаналлар. Бэс ыйын 1 күнүттэн Арассыыйа бэрэсидьиэнин ыйааҕынан, Саха сиригэр “Аҕа дойдуну көмүскээччилэр” судаарыстыбаннай пуонда салаата үлэтин саҕалыаҕа. Анал үөрэҕи ааспыт социальнай сүрүннээччи (координатор) дуоһунаһыгар исписэлиистэри талыы түмүктэннэ. Сыл бүтүөр диэри бары улуустарга социальнай сүрүннээччилэр үлэлээн барыахтара, — диэн кини эттэ.

Георгий Степанов эппитинэн, ааспыт сыл балаҕан ыйыттан ыла Ил Дархан биэс ыйааҕа тахсыбыта. Ол чэрчитинэн, байыаннай сулууспалаахтарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр 19 судаарыстыбаннай көмө миэрэлэрэ ылыллыбыттара диэн СИА суруйар.

— Байыастар социальнай уонна мэдиссиинэ реабилитациятын ордук хото туһаналлар. Кинилэр төрөппүттэрэ, кэргэттэрэ, сокуоннай саастарын туола илик оҕолоро социальнай реабилитация көмөлөһөр. Үлэ булалларыгар эмиэ көмө оҥоһуллар, — диэн кини кэпсээтэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мировой сууттар үлэлэригэр уларыйыылар киириэхтэрэ

Арассыыйа Юстицияҕа министиэристибэтэ суут үлэтигэр сыһыаннаах саҥа бырайыагы бэлэмнээтэ диэн Ил Түмэн иһитиннэрэр. Мировой суукка…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Улуус хамыыһыйата социальнай эбийиэккэ тутуу үлэтин хаамыытын дьүүллэстэ

Быйыл күһүн Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Маттаҕа аҕам саастаах уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьон дьиэлэрэ үлэҕэ киириэхтээх.…

3 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үрдүкү кылаас үөрэнээччитэ сэттискэ үөрэнэр оҕоттон харчы кыһайан ылбыт

ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дознавателэ куорат биир оскуолатыгар тахсыбыт быһылаанынан РФ Холуобунай Кодексын 163-с…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Водоканал Мархаҕа уу турбатын ситимин тутуу бырайыагын олоххо киллэрэн саҕалыаҕа

Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл түмүгүнэн “Водоканал” АУо үпкэ-хаһаайыстыбаҕа үлэтин түмүгүн көрөр мунньахха, Дьокуускай…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Билгэлэр: итэҕэй-итэҕэйимэ

Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр бит-билгэ арааһа баар. Үгүс дьон онно олуһун итэҕэйэр, оттон сорохтор наадыйбаттар, улахаҥҥа уурбаттар.…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

АЛРОСА төрүт норуоттар нэһилиэстибэлэрин харыстааһыҥҥа көмөлөһөр

АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын  кытары хардарыта бииргэ…

4 часа ago