Балаҕан ыйдааҕы «Чолбоҥҥо» Ойуунускай, Твардовскай уонна Айтматов
Сахалыы тыллаах кырдьаҕас «Чолбон» сурунаал балаҕан ыйынааҕы нүөмэрин аах:
— Физик уонна лирик, учуонай уонна поэт Дьөгүөр Байаҕантай олоҕун тиһэх сылларыгар прозаҕа холонон испитэ. Ааҕааччы дьүүлүгэр кини «Алааппыйа уонна суор», «Күн киһитэ көмүскэс эрээри», «Көр эрэ ол сулуһу» кэпсээннэрэ;
— Суруйааччы Огдо «Сордоох… Балбаах» «Умнубатыҥ?», «Алҕас» диэн саҥа кэпсээннэрэ;
— Норуот поэта Наталья Харлампьева «Кыайыы көтөллөөх кэлээр, балаҕаҥҥар эн төннөөр!..» саҥа хоһоонноро;
— 90-с сыллар “культовай” поэттарынан ааттаммыт Умсуура «Ālea jacta est» диэн буруолуу сылдьар сонеттарын дьөрбөтө;
— Саха драматургиятыгар саҥа аат Утум Захаров «Коркин. Андаҕар» спорт туһунан драматын бүтүүтэ (иннин 8-ыс нүөмэргэ аах);
— Кыргыыс аар саарга аатырбыт суруйааччыта Чингиз Айтматов «Саллаат оҕото» кэпсээнин Дьурустаан сахалыы саҥарта;
— Твардовскай, Фадеев, Обручев уо.д.а. тустарынан суруналыыс Роман Попов бэлиэтээһиннэрэ;
— Умсуура имэҥнээх поэзияҕа хайдах тиийбитин туһунан Туйаара Павлова сэһэргэһиитэ;
— Эдэр поэттары Римма Крылованы, Сюзанна Кондакованы, Мария Андрееваны, Василий Тимофеевы, Харыйалаах Уолун ситимнээбит «Биэс кинигэ» хомуурунньуктарын Рустам Каженкин ырытыыта;
— Суруйааччы суруйааччыны, үөлээннээх үөлээннээҕин хайдах ылынарый? Прозаик Данил Макеев «Кыргыс толоонугар көрсүһүү» кинигэтигэр норуот суруйааччыта Куорсуннаах санаатын үллэстэр;
— Норуот суруйааччыта Баһылай Харысхал «Аҕаа!..» кэпсээнин литература кириитигэ Светлана Самсонова-Сиибиктэ тоҕо үөрэх кинигэтигэр киллэрэргэ туруорсарый?
— «Оҕоҕун кытта аах» бырайыакка «Обуннаах оҕо», «Өйдөөх оҕо», «Үгэспинэн буоллаҕа дии» диэн оҕолорго кэпсээннэринэн Былатыан Ойуунускай ыалдьыттыыр.
Күн – сири, «Чолбон» – саханы сырдатар!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: