Кэлэр ыйтан биэнсийэ үрдүүр
«Балаҕан ыйыгар биэнсийэ үрдүөҕэ», – диэн РФ Атыы-эргиэн бырамыысыланнай балаататын «Киһи ресурсатын салайар» управление баазовай кафедратын доцена Людмила Иванова-Швец «Прайм» ааҕыныстыбаҕа иһитиннэрбит.
Экэнэмиис этэринэн, 80 сааһын атырдьах ыйыгар туолбут аҕам саастаахтарга биэнсийэни үрдэтиэхтэрэ. Онон кинилэргэ страховой биэнсийэлэригэр икки төгүл үрдээбит 16 269 солк. диэри төлөбүр көрүллүөҕэ. Маны сэргэ бастакы группалаах инбэлииттэргэ үрдүөхтээх. Кини бэлиэтииринэн, алтынньы 1 күнэ — Аҕам саастаахтар күннэрэ буолар. Онон бу бырааһынньыгы көрсө, аҕам саастаахтары өйүүр араас миэрэлэр эрэгийиэннэргэ уонна оройуоннарга олохтоммуттара. Холобур, «бу биэнсийэ төлөбүрүгэр эбии көмө, биир кэмнээх төлөбүр, бэлэх буолуон сөп» диэн быһаарар эспиэр.
Бэлиэтээн суруйдахха, кэлэр сыл тохсунньу 1 күнүттэн 80 саастаах уонна бастакы группалаах инбэлииттэр эбии төлөбүр ылар буолуохтара диэн СИА суруйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: