Балаҕан ыйыгар күүстээх магнитнай буурҕалар түһэллэр
Сиргэ G1 кылаастаах күүстээх магнитнай буурҕа саҕаланна. Күн астрономиятын лабораториятын ИКИ РАН уонна ИСЗФ СО РАН саайтыгар магнитнай буурҕа бэҕэһээ, балаҕан ыйын 11 күнүгэр, саҕаламмыта.
Итини таһынан маннык күүстээх буурҕа аны балаҕан ыйын 13 күнүгэр түһэрэ күүтүллэр. Эспиэрдэр сабаҕалыылларынан буурҕа орто таһымыттан тахсан, G2 кылааска диэри тиийиэҕэ.
Бу иннинэ Күн астрономиятын лабораториятыгар балаҕан ыйын 9 күнүгэр күҥҥэ улахан эстиилэр буолбуттарын туһунан иһитиннэрбиттэрэ. Онно учуонайдар оптуорунньуктан саҕалаан икки улахан күн охсуута күүтүллэрин сэрэппиттэрэ уонна магнитнай буурҕа суукка устата дьайарын быһаарбыттара.
Ону кытта аныгыс магнитнай буурҕалар бу сыл балаҕан ыйын 26-27 күннэригэр уонна алтынньы 7-8 күннэригэр түһэллэрэ күүтэллэр.
Күүстээх магнитнай буурҕа кэмигэр сүрэх-тымыр ыарыылаах дьон-сэргэ дабылыанньалара түһүөн-тахсыан, доруобуйалара мөлтүөн сөп. Онон бу күннэргэ бэйэни кэтэнэн көрөн, ноҕуруускаламмакка сылдьыахха наада. Маны тэҥэ, араадьыйа, сибээс, сир аргыстарын үлэлэригэр харгыстар тахсыахтарын сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: