Балаҕан ыйын 1 күнүттэн оскуолаларга “үлэ” уруога киириэҕэ
Балаҕан ыйын 1 күнүттэн дойду бары оскуолаларыгар “үлэ” биридимиэтэ киириэҕэ. РФ Үөрэҕириитин министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, “үлэ” биридимиэтэ биэс булгуччулаах уонна үс талар муодултан туруоҕа.
Булгуччулаах муодулларга “Оҥорон таһаарыы уонна технология”, “Таҥастааһын уонна аһылык бородууктатын технологията”, “Көмпүүтэр графиката. Черчение”, “Робототехника”, “3-D моделирование, прототипирование, макетирование” бааллар. Талар муодулларга “Автоматизированнай систиэмэ”, “Сүөһү иитиитэ”, “Үүнээйини олордуу” киирэллэр.
Үөрэх үлэһиттэрин тохсунньутааҕы сүбэ мунньаҕын иитинэн, үөрэх уонна билим миниистирэ Нюргуна Соколова: “Балаҕан ыйын 1 күнүттэн саҥа биридимиэттэр киириэхтэрэ – бу үлэ уруога, ону тэҥэ, куттал суох буолуутун төрүтэ уонна төрөөбүт дойдуну харыстааһын. Олунньуга федеральнай министиэристибэ үөрэх эйгэтин судаарыстыбаннай былааһын уорганын салайааччыларыгар анаан улахан мунньах ыытыахтаах, үөрэх кинигэлэрин хааччыйыыга уонна саҥа биридимиэттэр киириилэринэн ыйан-кэрдэн биэриэҕэ”, — диэн эппитэ.
Дойду үөрэҕириитин миниистирэ Сергей Кравцов оскуолаларга “Основы безопасности и защиты родины” диэн саҥа биридимиэти 8-11-с кылаас оҕолоро нэдиэлэҕэ биир чаас үөрэтиэхтэрэ диэн иһитиннэрбитэ. Дойду министиэристибэтэ үлэ уруогар быһаарбыт муодулларыттан көрдөххө, уруок аныгы халыыбынан барыаҕа. Онон бу оҕо оскуоланы бүтэрэригэр чопчу идэ хайа хайысхатынан барарыгар уонна үрдүккэ дуу, ортоҕо дуу туттарсарыгар сирдиэҕэ ону тэҥэ, оробуочай идэлэр ирдэниилэрин кыһалҕатын быһаарарга төһүү буолуоҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: