Балаҕан ыйын 1 күнүттэн туох уларыйыылар киириэхтэрэй?

Балаҕан ыйын 1 күнүттэн туох уларыйыылар киириэхтэрэй?

31.08.2024, 10:00
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:

Ас сыаната үрдүөҕэ, ипотекалаах дьиэни баана суох бэйэҥ атыылыыр кыахтаныаҥ, НДС аччыаҕа уонна да атын биһиги олохпутугар сабыдыаллыыр уларыйыылар кэтэһэллэр.

 Ипотекалаах дьиэҕин бэйэҥ атыылыыгын

2024 сыл балаҕан ыйын 11 күнүттэн ипотекаларын кыа­йан төлөөбөт дьон солуок­ка турар дьиэлэрин бэйэлэрэ атыылыыр буолуохтара. Сүрүнэ, баан кинилэри суукка биэрэ илигинэ, атыылыырга баантан көҥүл ыла охсуохтаахтар.

Өскөтө иэстээх киһи моҥкуруут барбытын хайыы-үйэ биллэрбит эбэтэр атыылыы сатаабыта кыаллыбатах буоллаҕына, маннык атыылааһын кыаллыбат.

Баан бэйэтэ саамай аччыгыйынан дьиэ атыыланар сыанатын быһар. Сөбүлэһии кэнниттэн иэстээх киһи ипотекатын тобоҕун сабарга эбээһи­нэстэнэр. Ситэ тиийбэтин бэйэтэ көрдүүрүгэр тиийэр. Өскөтө иэскин бүтүннүү сабан кэбиспэтэххинэ, баан ыстараабы уонна хаалбыт суумаҕа бырыһыаны ааҕа туруо. Оттон атыыттан харчы ортоҕуна, бэ­­йэҕэр хаалар.

Ас сыаната эмискэ үрдүө

Балаҕан ыйыгар ас сыаната 5-40 % үрдүүрэ күүтүллэр. Бу кууһунан атыы сыаната үрдээһинин кытта сибээс­тээх. Бастакы уочарат сыана кондитерскай оҥоһуктарга, үүт аһылыктарга, килиэпкэ уонна пиибэҕэ үрдүөҕэ.

Ол эрээри сорох эспиэр­дэр маҕаһыыннар сыананы эмискэ наһаа үрдэтимиэхтэрин, аргыый аҕай улаатыннаран иһиэхтэрин сөп дииллэр. Сорох бородуукталары атыыттан олох да устан кэбиһиэхтэрин сөп.

Үлэ чааһын таһынан үлэҕэ төлөбүрэ улаатыаҕа

Балаҕан ыйын 1 күнүттэн үгүс исписэлиискэ хамнас­тара үрдүөн сөп, ол эрээри ол эмиэ туспа “ноолоох”. Хамнас үлэ чааһын таһынан үлэҕэ үрдүүр, ол эбэтэр үлэ биэрээччилэр компенсационнай уонна стимулирующай төлөбүрдэри учуот­туур буолуохтара.

Санатан эттэххэ, үлэ чааһын таһынан үлэ бастакы икки чааһа 1,5 төгүлүнэн, ол кэннинээҕи чаастар икки төгүлүнэн төлөнүөхтэрэ. Быраабыла быһыытынан, төлөбүр кээмэйэ акылаат уонна бириэмийэ киирэ сылдьар орто хамнаһынан ааҕыллан кэлбитэ. Билигин хамнаһы ааҕыыга эбии төлөбүрдэр эмиэ киирсэр буолуохтара.

Үлэһит үлэ чааһын таһынан үлэлээбитин суотугар бэйэтигэр сынньалаҥ күнү көрдүүр бырааптаах. Ону таһынан, тэрилтэлэр кэлэктиибинэй эбэтэр үлэ дуогабарынан маннык үлэҕэ элбэх төлөбүрү көрөрү оҥостуохтарын сөп.

Сибээс эпэрээтэрдэрэ тарыып былаанын сэрэппэккэ уларыталлара бобуллар

Балаҕан ыйын 1 күнүттэн эпэрээтэрдэр дьоҥҥо оҥорор бары өҥөлөрүгэр:  төлөпүөнүнэн кэпсэтиигэ, СМС, интэриниэккэ, о.д.а. саҥа быраабылалар киириэхтэрэ.

Биир сүрүн уларыйыы: сибээс эпэрээтэрдэрэ кили­йиэн сөбүлэҥэ суох тарыып былаанын уларытыа суохтаахтар. Ол эбэтэр, өскөтө эн тарыыпкар лимиитэ суох кэпсэтии баар буоллаҕына, эпэрээтэр эйиэхэ эппэккэ эрэ араарар бырааба суох.

Оттон абонентскай төлө­бүрү, ол эбэтэр тарыыбы бэйэ­тин, хампаанньалар урукку курдук бэйэлэрэ улаатыннарар кыахтаахтар.

Инбэлииттээх дьоҥҥо уоппускалара уһуоҕа

Балаҕан ыйын 1 күнүттэн үлэлээх инбэлиит дьоҥҥо 30 күнтэн итэҕэһэ суох сыллата төлөнөр уоппуска бэриллиэҕэ. Бу күннэри үлэһит бысталаан ылыан сөп, ол эрээри олортон биирдэстэрэ 14 күнтэн кырата суох буолуохтаах.

Балаҕан ыйын 1 күнүттэн эрэгийиэннэр салалталара тэрилтэлэргэ инбэлииттээх дьону үлэҕэ ыларга кубуота түһэриэхтэрин сөп. Саамай аччыгыйа – 2 %, улааппыта –
4 %, ити үлэһит орто ахсааныттан таһааран.

Гостиница өҥөтүгэр НДС  0 %-ҥа диэри аччыа

Балаҕан ыйын 1 күнүттэн 0 % ыстаапкалаах гостиница оҥорор өҥөлөрө элбиэҕэ. Испииһэккэ туох киирбитий:

Тренажернай саала, SPA-өҥөлөр, интэриниэккэ холбонуу, конференц-саалалар, харабыллаах автостоянка.

Ону да бу өҥөлөр гостиницаҕа олорор сыанаҕар киирсэ сылдьар буоллахтарына нууллаах НДС төлүүгүн.

Массыына аптечката уларыйар

Балаҕан ыйыттан массыынаҥ аптечкатын нобуоругар туох баар буолуохтааҕый:

Стерильнэйэ суох мааскалар, мэдиссиинискэй бэрчээккилэр, жгут, сүрэх-тыҥа реанимациятыгар аналлаах мааска, маарыла биинтэ, эластичнай биинтэ, лейкопластырь, хирургическай уонна бэрэбээскилиир матырыйаалы кыры­йар кыптыый, 160 см х 210 см кырата суох кээмэйдээх элбэхтик туттуллар анал суор­ҕан, болокунуот, хара эбэтэр халлаан күөх маркер, бастакы көмөнү оҥоруу инструкцията.

Атын эмтэри суоппар бэ­­йэтин доруобуйатыттан көрөн илдьэ сылдьар.

Манна даҕатан эттэххэ, 2023 сылтан аптечканы массыынаҕа илдьэ сылдьарыҥ ирдэммэт. Ол эрээри таҥара сэрэҕи сөбүлүүр.

Биэнсийэ кимиэхэ үрдүүрүй?

Балаҕан ыйын 1 күнүттэн атырдьах ыйыгар 80 саастарын туолбут биэнсийэлээхтэргэ 8134 солкуобайынан үрдүөҕэ. Эмиэ атырдьах ыйыгар 1 группалаах инбэлиит буолбут дьоҥҥо биэнсийэлэрин кээмэйэ ити сууманан үрдүөҕэ.

Уруокка төлөпүөннээх олорбоккун

Саҥа үөрэх дьылыгар уруок­ка мобильнай төлөпүөннээх, SIM-каарталаах «өйдөөх» чаһыылаах, төлөпүөнү солбу­йар атын тэриллээх олороруҥ бобуллар.

Педагог статуһун туһунан саҥа сокуон киирдэ. Онон учууталлар үөрэнээччилэри сэмэлиир бырааптаннылар. Оскуолалар уруок­ка уонна үөрэх тэрилтэтигэр тутуһуллар бэрээдэк ирдэбилин бэйэлэрэ оҥоруохтарын сөп. Бэрээдэги кэһэр үөрэнээччиттэн учуутал дьиссипилиинэни ирдиир кыахтанна.

+1
21
+1
3
+1
1
+1
0
+1
3
+1
3
+1
9
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: