Ас сыаната үрдүөҕэ, ипотекалаах дьиэни баана суох бэйэҥ атыылыыр кыахтаныаҥ, НДС аччыаҕа уонна да атын биһиги олохпутугар сабыдыаллыыр уларыйыылар кэтэһэллэр.
2024 сыл балаҕан ыйын 11 күнүттэн ипотекаларын кыайан төлөөбөт дьон солуокка турар дьиэлэрин бэйэлэрэ атыылыыр буолуохтара. Сүрүнэ, баан кинилэри суукка биэрэ илигинэ, атыылыырга баантан көҥүл ыла охсуохтаахтар.
Өскөтө иэстээх киһи моҥкуруут барбытын хайыы-үйэ биллэрбит эбэтэр атыылыы сатаабыта кыаллыбатах буоллаҕына, маннык атыылааһын кыаллыбат.
Баан бэйэтэ саамай аччыгыйынан дьиэ атыыланар сыанатын быһар. Сөбүлэһии кэнниттэн иэстээх киһи ипотекатын тобоҕун сабарга эбээһинэстэнэр. Ситэ тиийбэтин бэйэтэ көрдүүрүгэр тиийэр. Өскөтө иэскин бүтүннүү сабан кэбиспэтэххинэ, баан ыстараабы уонна хаалбыт суумаҕа бырыһыаны ааҕа туруо. Оттон атыыттан харчы ортоҕуна, бэйэҕэр хаалар.
Балаҕан ыйыгар ас сыаната 5-40 % үрдүүрэ күүтүллэр. Бу кууһунан атыы сыаната үрдээһинин кытта сибээстээх. Бастакы уочарат сыана кондитерскай оҥоһуктарга, үүт аһылыктарга, килиэпкэ уонна пиибэҕэ үрдүөҕэ.
Ол эрээри сорох эспиэрдэр маҕаһыыннар сыананы эмискэ наһаа үрдэтимиэхтэрин, аргыый аҕай улаатыннаран иһиэхтэрин сөп дииллэр. Сорох бородуукталары атыыттан олох да устан кэбиһиэхтэрин сөп.
Балаҕан ыйын 1 күнүттэн үгүс исписэлиискэ хамнастара үрдүөн сөп, ол эрээри ол эмиэ туспа “ноолоох”. Хамнас үлэ чааһын таһынан үлэҕэ үрдүүр, ол эбэтэр үлэ биэрээччилэр компенсационнай уонна стимулирующай төлөбүрдэри учуоттуур буолуохтара.
Санатан эттэххэ, үлэ чааһын таһынан үлэ бастакы икки чааһа 1,5 төгүлүнэн, ол кэннинээҕи чаастар икки төгүлүнэн төлөнүөхтэрэ. Быраабыла быһыытынан, төлөбүр кээмэйэ акылаат уонна бириэмийэ киирэ сылдьар орто хамнаһынан ааҕыллан кэлбитэ. Билигин хамнаһы ааҕыыга эбии төлөбүрдэр эмиэ киирсэр буолуохтара.
Үлэһит үлэ чааһын таһынан үлэлээбитин суотугар бэйэтигэр сынньалаҥ күнү көрдүүр бырааптаах. Ону таһынан, тэрилтэлэр кэлэктиибинэй эбэтэр үлэ дуогабарынан маннык үлэҕэ элбэх төлөбүрү көрөрү оҥостуохтарын сөп.
Балаҕан ыйын 1 күнүттэн эпэрээтэрдэр дьоҥҥо оҥорор бары өҥөлөрүгэр: төлөпүөнүнэн кэпсэтиигэ, СМС, интэриниэккэ, о.д.а. саҥа быраабылалар киириэхтэрэ.
Биир сүрүн уларыйыы: сибээс эпэрээтэрдэрэ килийиэн сөбүлэҥэ суох тарыып былаанын уларытыа суохтаахтар. Ол эбэтэр, өскөтө эн тарыыпкар лимиитэ суох кэпсэтии баар буоллаҕына, эпэрээтэр эйиэхэ эппэккэ эрэ араарар бырааба суох.
Оттон абонентскай төлөбүрү, ол эбэтэр тарыыбы бэйэтин, хампаанньалар урукку курдук бэйэлэрэ улаатыннарар кыахтаахтар.
Балаҕан ыйын 1 күнүттэн үлэлээх инбэлиит дьоҥҥо 30 күнтэн итэҕэһэ суох сыллата төлөнөр уоппуска бэриллиэҕэ. Бу күннэри үлэһит бысталаан ылыан сөп, ол эрээри олортон биирдэстэрэ 14 күнтэн кырата суох буолуохтаах.
Балаҕан ыйын 1 күнүттэн эрэгийиэннэр салалталара тэрилтэлэргэ инбэлииттээх дьону үлэҕэ ыларга кубуота түһэриэхтэрин сөп. Саамай аччыгыйа – 2 %, улааппыта –
4 %, ити үлэһит орто ахсааныттан таһааран.
Балаҕан ыйын 1 күнүттэн 0 % ыстаапкалаах гостиница оҥорор өҥөлөрө элбиэҕэ. Испииһэккэ туох киирбитий:
Тренажернай саала, SPA-өҥөлөр, интэриниэккэ холбонуу, конференц-саалалар, харабыллаах автостоянка.
Ону да бу өҥөлөр гостиницаҕа олорор сыанаҕар киирсэ сылдьар буоллахтарына нууллаах НДС төлүүгүн.
Балаҕан ыйыттан массыынаҥ аптечкатын нобуоругар туох баар буолуохтааҕый:
Стерильнэйэ суох мааскалар, мэдиссиинискэй бэрчээккилэр, жгут, сүрэх-тыҥа реанимациятыгар аналлаах мааска, маарыла биинтэ, эластичнай биинтэ, лейкопластырь, хирургическай уонна бэрэбээскилиир матырыйаалы кырыйар кыптыый, 160 см х 210 см кырата суох кээмэйдээх элбэхтик туттуллар анал суорҕан, болокунуот, хара эбэтэр халлаан күөх маркер, бастакы көмөнү оҥоруу инструкцията.
Атын эмтэри суоппар бэйэтин доруобуйатыттан көрөн илдьэ сылдьар.
Манна даҕатан эттэххэ, 2023 сылтан аптечканы массыынаҕа илдьэ сылдьарыҥ ирдэммэт. Ол эрээри таҥара сэрэҕи сөбүлүүр.
Балаҕан ыйын 1 күнүттэн атырдьах ыйыгар 80 саастарын туолбут биэнсийэлээхтэргэ 8134 солкуобайынан үрдүөҕэ. Эмиэ атырдьах ыйыгар 1 группалаах инбэлиит буолбут дьоҥҥо биэнсийэлэрин кээмэйэ ити сууманан үрдүөҕэ.
Саҥа үөрэх дьылыгар уруокка мобильнай төлөпүөннээх, SIM-каарталаах «өйдөөх» чаһыылаах, төлөпүөнү солбуйар атын тэриллээх олороруҥ бобуллар.
Педагог статуһун туһунан саҥа сокуон киирдэ. Онон учууталлар үөрэнээччилэри сэмэлиир бырааптаннылар. Оскуолалар уруокка уонна үөрэх тэрилтэтигэр тутуһуллар бэрээдэк ирдэбилин бэйэлэрэ оҥоруохтарын сөп. Бэрээдэги кэһэр үөрэнээччиттэн учуутал дьиссипилиинэни ирдиир кыахтанна.
Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…
Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан икки киһи сүппүтүн туһунан суһал иһитиннэрии…
Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…
Сэтинньи 19-23 күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…
Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…
Былыр-былыргыттан сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…