Балаҕан ыйын 15 күнэ: ардах уонна инчэҕэй хаар
15.09.2025, 07:00

Хаартыска: sakha-sire.ru
Бөлөххө киир:
Бүгүн, балаҕан ыйын 15 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар быстах ардыыра, инчэҕэй хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.
Хотугулуу-арҕаа улуустарга сорох сирдэринэн быстах ардыаҕа уонна инчэҕэй хаар түһүөҕэ. Соҕуруулуу-арҕаа уонна соҕуруулуу-илин эмиэ ардах түһэрэ сабаҕаланар.
Сөкүүндэҕэ 9–14 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах.
Күнүс киин уонна хотугулуу-илин улуустарга +11…+16 °C, арҕаа уонна соҕуруу ардах түстэҕинэ, +8…+13 °C, хотугулуу-арҕаа 0 +5 °C буолуоҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: