Балаҕан ыйын 16 күнүгэр Саха сиригэр «Нациялар кросстара» ыытыллыаҕа
Сарсын, балаҕан ыйын 16 күнүгэр, Саха сирин бары улуустарыгар уонна куораттарыгар «Нациялар кросстара» Бүтүн Арассыыйатааҕы сүүрүү ыытыллыаҕа. Күрэхтэһиигэ баҕалаах бары кыттыан сөп.
Дьокуускай успуорка управлениетын информациятынан, киин куоракка сүүрүү «Юность» стадионтан 12:10 чаастан саҕаланыаҕа. Финиш — АГАТУ үөрэнэр куорпуһун иннигэр.
Регистрация 09:00 чаастан 11:30 чааска диэри буолуоҕа. Үөрүүлээх аһыллыы 11:30 чаастан саҕаланыаҕа.
Хас биирдии сүүрүүккэ старт иннинэ нүөмэр биэриэхтэрэ, онон ким төһө бириэмэнэн биэтэккэ кэлбитин судьуйалар быһаарыахтара.
Кыттааччылары маннык бөлөхтөргө араарыахтара:
— кыргыттар уонна уолаттар (2011 с.т. уонна онтон кыралар) — 1 км эбэтэр 2 км;
— кыргыттар уонна уолаттар (2009-2010 с.т.), кыргыттар уонна уолаттар (2006-2008 с.т.), дьахталлар уонна эр дьон (2005 с.т. уонна онтон үөһэ саастаахтар) — 2 км.
Үс бастакы кэлбит дьон мэтээллэринэн, грамотанан наҕараадаланыахтара.
«Нациялар кросстара» сүүрүү «Спорт — норма жизни» федеральнай бырайыак уонна «Демография» нацбырайыак чэрчитинэн ыытыллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: