Балаҕан ыйын 27 күнэ: хаар, ардах уонна +10 кыраадыс
27.09.2025, 07:00

Хаартыска: sakha-sire.ru
Бөлөххө киир:
Бүгүн, балаҕан ыйын 27 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар хаар, ардах түһэрэ, итиэннэ күнүс +10 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.
Хоту, хотугулуу-арҕаа улуустарга хаар түһүөҕэ, арҕаа, киин уонна соҕуруу улуустарга сорох сирдэринэн инчэҕэй хаар түһэрэ, арҕаа хаардаах ардах түһэрэ сабаҕаланар диэн суруйаллар.
Сөкүүндэҕэ 9-14 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах, күнүс киин, соҕуруулуу-илин улуустарга сөкүүндэҕэ 15-20 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах, соҕуруу сорох сирдэринэн сөкүүндэҕэ 14-22 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах.
Күнүс салгын температурата — 0,+5°, хоту 0,-5°, Халыма-Индигиир улуустарыгар +5+10°.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: