Балаҕан ыйын 6 күнэ: ардах, тыал уонна +22 кыраадыс
06.09.2025, 07:00

sakha-sire.ru хаартыската.
Бөлөххө киир:
Бүгүн, балаҕан ыйын 6 күнүгэр, үгүс улуустарга сөҥүүтэ суох, соҕуруулуу-арҕаа, соҕуруу ардыаҕа, Нерюнгри оройуонугар сорох сиринэн дохсун ардах түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.
Киин, арҕаа улуустарга сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 миэтэрэ, Алдаҥҥа, Нерюнгрига, Усуйаанаҕа сөкүүндэҕэ 15-18 миэтэрэ, Арктика кытылынан сөкүүндэҕэ 16-21 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах.
Күнүс +17+22°С, арҕаа, хотугулуу-арҕаа +12+17°С, Арктика кытылынан +7+12°С.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: