Балаҕан ыйын билгэтэ: ардах, хаһыҥ, Дьахтар сайына…

Share

Балаҕан ыйыгар — Улуу Суорун Айыы ыйыгар сырдык аҕыйыыр, хараҥа улаатар кэмэ. 

Балаҕан ыйын 3 күнэ – бу күн күннээх буоллаҕына, аччаабыта өссө 4 нэдиэлэ үчүгэй күн-дьыл туруоҕа.

Балаҕан ыйын 5 күнэ – хаһыҥ түһэр.

Балаҕан ыйын 8 күнэ – сарсыарда дьыбардаах буоллаҕына, кыһын эрдэ кэлэр уонна тыйыс буолар. Хортуоппуйу хостооһун саҕаланар.

Балаҕан ыйын 10 күнэ – көмүс күһүн. Собо тиксэр (күөл кытыытыгар тахсар).

Балаҕан ыйын 13 күнэ – туруйа барар.

Балаҕан ыйын 14 күнэ – Сэмэнэп таҥара, саха ыала отордууртан кыстыкка көһөр кэмнэрэ. Куорат ыала даачаларыттан дьиэлэригэр куораттааҕы дьиэлэригэр көһөллөр. Бу күн былыттаах уонна ардахтаах буоллаҕына, күһүн уһуур.

Балаҕан ыйын 14-21 күнэ – Дьахтар сайына саҕаланар. Бастакы күнэ ыраас, чаҕылхай буоллаҕына – ичигэс күһүн. Силбиктэннэҕинэ – кураан күһүн.

Балаҕан ыйын 19 күнэ – хаар, хаһыҥ түһэр. Үөл кус балаҕан ыйын 30-гар диэри барар, аҕарым буолар.

Балаҕан ыйын 20 күнэ – хаастар бараллар, аҥыр хаһыытыыр.

Балаҕан ыйын 24 күнэ – Ый туолуута. Силбик түһэр.

Балаҕан ыйын 27 күнэ – Иһийээнэп Сир тоҥор таҥарата. Эһэ арҕаҕар, моҕотой хороонугар киирэллэр. Муора хааһа соҕуруу баран бүтэр. Кус-хаас үөһэнэн айаннаатаҕына, уһун кураан күһүн буолар.

Балаҕан ыйын 28 күнэ – үүнээйи силис тардара тохтуур. Эһэ сэттэ күн устата аһыырын баанан, утуйарга оҥостор. Анды оҕото барар. Хотуттан тыалырдаҕына, курас, тымныы күһүн буолар.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Тулагы-Киллэмҥэ өйдөбүнньүк истиэндэни норуот күүһүнэн туруордулар

Тулагы-Киллэм нэһилиэгэр өрөгөйдөөх Кыайыыны уһансыбыттар сырдык ааттарын үйэтитэр өйдөбүнньүк пааматынньыгы үөрүүлээхтик арыйыы буолла.  Төрөөбүт дойдутун…

6 минут ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк

Дьуһуурунай борокуруор: түөкүннээһин, уоруу, арыгы иһэн баран массыына ыытыы

Өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу уон түбэлтэтэ бэлиэтэммит. Борокуратуура буруйу оҥорууларынан процессуальнай бэрэбиэркэлэри уонна холуобунай дьыалалары хонтуруолга…

30 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Помудуору олордуу

Помудуору олордуох иннинэ, арассаадаҕа икки-үс хонукка уу куппаппыт, оччоҕуна умнаһа сымныыр, ону буорга эрийэ тутан…

51 минута ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Үөрэххэ туттарсыы чугаһаата

Үөрэх уонна билим миниистирин бастакы солбуйааччы Михаил Присяжнай үөрэххэ туттарсааччыларга анаан үгэс быһыытынан быһа эпииргэ…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: ыам ыйын 11 күнэ

Күн-дьыл туруга бу күннэргэ хайдаҕый? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа өттүгэр кыралаан ардыыр, соҕуруу диэки сорох сиринэн ардах…

2 часа ago
  • Гороскоп
  • Сонуннар

Күннээҕи гороскоп: ыам ыйын 11 күнэ

Хой Олус ситиһиилээх күн Онон сөптөөхтүк дьаһаннаххына, үп-харчы, дьиэ кэргэҥҥэ үөрүүлээх түгэннэр үгүс буолуохтара. Бары…

3 часа ago