Балаҕан ыйын билгэтэ

Share

Сайыммыт биллибэтинэн, «соһуччу» ааһан, ардахтаах, хаҕыс тымныы тыаллаах балаҕан ыйа халыҥ былыты бүрүммүтүнэн тиийэн кэллэ. 

Күһүн ый хайдах билгэлээх эбитий?

Балаҕан ыйын 3 күнэ – бу күн күннээх буоллаҕына, аччаабыта өссө 4 нэдиэлэ үчүгэй күн-дьыл туруоҕа.

Балаҕан ыйын 5 күнэ – хаһыҥ түһэр.

Балаҕан ыйын 8 күнэ – сарсыарда дьыбардаах буоллаҕына, кыһын эрдэ кэлэр уонна тыйыс буолар. Хортуоппуйу хостооһун саҕаланар.

Балаҕан ыйын 10 күнэ – көмүс күһүн. Собо тиксэр (күөл кытыытыгар тахсар).

Балаҕан ыйын 13 күнэ – туруйа барар.

Балаҕан ыйын 14 күнэ – Сэмэнэп Таҥара. Саха ыала отордууртан кыстыкка көһөр кэмэ. Куорат ыала даачаларыттан куораттааҕы дьиэтигэр көһөр. Бу күн былыттаах уонна ардахтаах буоллаҕына, күһүн уһуур.

Балаҕан ыйын 14-21 күнэ – Дьахтар сайына саҕаланар. Дьахтар сайынын бастакы күнэ ыраас, чаҕылхай буоллаҕына – ичигэс күһүн. Силбиктэннэҕинэ – кураан күһүн.

Балаҕан ыйын 19 күнэ – хаар, хаһыҥ түһэр. Үөл кус балаҕан ыйын 30-гар диэри барар, аҕарым буолар.

Балаҕан ыйын 20 күнэ – хаас барар, аҥыр хаһыытыыр.

Балаҕан ыйын 24 күнэ – Ый туолуута. Силбик түһэр.

Балаҕан ыйын 27 күнэ – Иһийээнэп Сир тоҥор Таҥарата. Эһэ арҕаҕар, моҕотой хороонугар киирэллэр. Муора хааһа соҕуруу баран бүтэр. Кус-хаас үөһэнэн айаннаатаҕына, уһун кураан күһүн буолар.

Балаҕан ыйын 28 күнэ – үүнээйи силис тардара тохтуур. Эһэ сэттэ күн устата аһыырын баанан, утуйарга оҥостор. Анды оҕото барар. Хотуттан тыалырдаҕына, курас, тымныы күһүн буолар.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Алмазэргиэнбаан активын кээмэйинэн Арассыыйаҕа топ-100 баан иһигэр киирдэ

2025 сыл түмүгүнэн Алмазэргиэнбаан дойду үп ырыынагар бигэ тирэхтэннэ уонна Арассыыйа топ-100 баанын иһигэр киирдэ.…

10 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

ИЛ ДАРХАН СУДААРЫСТЫБАННАЙ НАҔАРААДАЛАРЫ ТУТТАРДА

Саҥа сылы көрсө бүгүн, ахсынньы 19 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев  РФ уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин…

20 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Уопсастыба

Дьон казиноттан уонна да атын оонньуулартан бэйэлэрин бобор кыахтаныахтара

Бэйэлэрин кыайан туттуммат дьоҥҥо Госдума маннык сокуону ылынна. Азартаах оонньуулартан босхолонуон баҕарар киһи бэйэтигэр бобууну…

27 минут ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Саха сирин оскуолаларыгар мэдиссиинэ 96 хоһо үлэлиир

Быйыл Саха сирин оскуолаларыгар мэдиссиинэ хосторун үлэлэрин сөргүттүлэр. Маннык үлэни саҕалыырга Ил Дархан Анал этиитэ…

29 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Кытыйа, хамыйах арааһа

Кытыйа, хамыйах арааһын билэҕин дуо? Маны көр. Кытыйа арааһа Кытыйа - миискэ курдук дьоҕус мас…

49 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Нэдиэлэ иһигэр икки сүүстэн тахса психологическай көмө оҥоһулунна

Ааспыт нэдиэлэҕэ өрөспүүбүлүкэҕэ уонна Донааҕы Ростовка госпиталларга байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр, уопсайа 180…

1 час ago