«БалАнс» ансаамбыл байыаннай дьайыыга сылдьааччыларга анаан кэнсиэртээтэ

Share

Алдан куоракка баар СӨ үтүөлээх артыыһа Дмитрий Швецов салайааччылаах, Саха сирин Судаарыстыбаннай филармониятын Судаарыстыбаннай концертнай оркестрын састаабыгар киирэр «БалАнс»  ансаамбыл  сэтинньи 8 күнүгэр академик Бурденко аатынан госпиталга уонна сэтинньи 9 күнүгэр Санкт-Петербурдааҕы 442-с госпиталга  кэнсиэртээтилэр. 

Хаартыска: https://sakha.gov.ru саайтан.

Кинилэр бэһиэлэр, репертуардара саха композитордарын муусукаларынан, нуучча норуодунай айымньыларынан, араас киинэ муусукаларынан олус баай. Санатар буоллахха, мусукааннар былырыын Бурденко аатынан госпиталга уонна Саха сирин Судаарыстыбаннай концертнай оркестрын кытта Киров аатынан байыаннай-мэдиссиинискэй академияҕа бэртээхэй кэнсиэртэри туруорбуттара.

СӨ Судаарыстыбаннай концертнай оркестрын дириэктэрэ Юлия Швецова иһитиннэрбитинэн, оркестр байыаннай чаастарга 1993 сылтан кэнсиэртиир уонна маны ытык иэһинэн ааҕаллар эбит. Ити этиллибит кэмҥэ оркестр Владивостоктан саҕалаан Севастопольга тиийэ араас хабааннаах кэнсиэртэри туруорбуттар.
Сэтинньи 2 күнүгэр Чита куоракка баар байыаннай чаас 26-с гвардейскай дивизиятыгар анаан кэнсиэртээбиттэр.  Дивизия хамандыыра, полковник, «Эр санааланыы» уордьан кавалера Андрей Рыцев: «Айар кэлэктиипкит кэнсиэртэрэ байыаннайдарга бары өттүнэн үчүгэйинэн эрэ дьайар. Онон ис сүрэхпиттэн махтанабын», — диэн санаатын үллэстибит.

 «БалАнс» ансаамбыл госпиталларга кэнсиэртээн баран, салгыы Л.Зыкина аатынан «Россия» ансаамбыл ыҥырыытынан Североморскай куоракка ыытыллар «Культурнай фарватер» диэн бырайыакка кыттыаҕа.

Хаартыска: https://sakha.gov.ru саайтан.
Хаартыска: https://sakha.gov.ru саайтан.
Хаартыска: https://sakha.gov.ru саайтан.
Хаартыска: https://sakha.gov.ru саайтан.
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эдьигээҥҥэ өссө биир хочуолунай үлэлээтэ

Эдьигээҥҥэ "Кыайыы 65 сыла" хочуолунайга 4 №-дээх хочуол үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи туругунан онно 7 хочуол…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Умсулҕаннар» быыстапкаларыттан (ВИДЕО)

Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"]   Түмсүүнү оҕо…

7 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сүллүүкүттэр хаһан тахсалларый? Ойбонтон хаһан уу ылабытый?

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүүкүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Бээдилэр ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр

Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…

8 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өспөхтөр 187 хаххалыыр сиэккэни оҥордулар

Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…

9 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тохсунньу билгэлэрэ

Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…

9 часов ago