Салгыы
Балбаах кыһалҕата “баттаан” эрэр дуо?

Балбаах кыһалҕата “баттаан” эрэр дуо?

17.08.2024, 12:00
Полина Николаева хаартыската.
Бөлөххө киир:

Атырдьах ыйын саҥата балбаах сокуонунан Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ уонна Бэтэринээринэй, фитосанитарнай кэтээн көрүү федеральнай сулууспатын управлениета, Россельхознадзор уонна Росприроднадзор кыттыылаах кэпсэтии-мунньах буолла. Манна чааһынай тэрилтэлэр, юридическай сирэйдэр сүөһү ноһуомун уоҕурдуу оҥостобун диэн ыытар суруктарыттан саҕалаан балбааҕы хаһаанар сири бэлэмнээһиҥҥэ тиийэ кэпсэттилэр.

Ыстараап төһөнүй?

Тыа сирин олохтоохторугар бу тула ыйытыы үгүс. Россельхознадзорга хаһаайыс­тыбалартан ыытыллар сурук сыл ахсын ахсынньы 31 күнүгэр диэри тутуллар. Балбааҕы хаһаа­нар сир оҥоһуллуох иннинэ ноһуому анаалыска ыыталлар. Анаалыска сиикэй ноһуому туттарбыт хаһаайыс­тыбалар бааллара биллибит. Сиикэй хайдах даҕаны уоҕурдуу буолар кыаҕа суох. Тыа сиригэр  кыһалҕаттан сыл­таан бу кэпсэтиигэ хаһаайыс­тыбалар холбоһон биир хаһаа­ныллар сири оҥостоллоругар сүбэлээбиттэр. Бу төһө оруннаа­ҕый?

«О побочных продуктах животноводства и о внесении изменений в отдельные законодательные акты РФ» диэн 248 №-дээх, судургутук эттэххэ, «Балбааҕы харайыы сокуона» 2022 cыл от ыйын 14 күнүгэр олоххо киирбитэ. Ааспыт сыл кулун тутар 1 күнүттэн үлэтин саҕалаабыта. Сокуон олоххо киириэҕиттэн аны урукку курдук балбааҕы хотон таһыгар дьапталҕалыыр, олбуордар оҥхой сирдэрин дэхсилиир бобуллубута. Биһиги бу сокуон тула үгүстүк суруйдубут. Ол эрээри сокуону билигин да сиһилии өйдүү иликтэрэ балбааҕы хаһаанар анал сирдэр оҥоһулла иликтэрин туоһулуур.

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн балбааҕы хаһааныы кыһалҕата сытыытык турар. Төһө хаһаа­йыстыба бүгүҥҥү күҥҥэ бэлэмий?

Россельхознадзор Амур уобалаһынааҕы уонна Саха сиринээҕи салаатын судаарыс­тыбаннай иниспиэктэрэ Владислав Томскай: «Билиҥ­ҥи туругунан хас хаһаа­йыстыбаҕа сүөһү ноһуомуттан уоҕурдуу оҥоһуллубута биллибэт. Сүөһү ноһуомун уоҕурдуу оҥорор буоллубут диэн номнуо былаһаак­каларын бэлэмнээн баран биһиэхэ биллэрии ыыталлар. Өскөтүн, былаһааккаларын бэлэмнээбэккэ сурук ыыппыт буоллахтарына, бэрэбиэркэ буолар түгэнигэр, бу дьыаланан Росприроднадзор дьарыктанар. Бу сылга уопсайа 800 хаһаа­йыстыбаттан бэлэммит диэн биллэрии суруктары туппуппут. 10.8.1 ыстатыйанан сүөһү ноһуомун харайыыга ирдэбили тутуспат буолуу иһин дуоһунастаах сирэйдэргэ ыстараап суумата 30-40 тыһ. солк., юридическай сирэй буолбатах эрээри урбаанньыт быһыытынан дьарыктанар сирэйдэргэ ыстараап 50-60 тыһ. солк, ону сэргэ 90 күн устата хаһаайыстыбатын үлэтин тохтотор. Юридическай сирэйдэргэ ыстараап – 250-350 тыһ. солк. диэри эбэтэр эмиэ 90 күн устата үлэтин тохтотор. Маннык административнай быраабы кэһии хатыланар түгэнигэр, ыстараап суумата үрдээн биэрэр. Ол эбэтэр юридическай сирэйдэргэ 350-450 тыһ. солк. тэҥнэһэр, оттон атыттарга уоннуу тыһыынчанан үрдээн биэрэр”, – диэн быһааран биэрдэ.

Полина Николаева хаартыската.

Балбааҕы хаһаанар былаһаакка хайдах буолуохтааҕый?

Россельхознадзор Амур уобалаһынааҕы уонна Саха сири­нээҕи салаатын сири уонна пестицид эргийиитин хонтуруоллуур салаа начаалынньыгын солбуйааччыта Павла Адамова: «Балбаах сокуонугар эбии уларыйыы киирдэ. Ол курдук РФ Административнай кодексатын 8.6 ыст. 2 ч. балбааҕынан сири киртитии иһин административнай эппиэти­нэскэ тардыллыы диэн эбии киирдэ. Бу сокуон ирдэбиллэрэ «Об утверждении требований к обращению побочных продуктов животноводства» диэн Арассыыйа бырабыыталыстыбатын 1940 №-дээх уурааҕар ыйыллар. Бу сыл ыам ыйын 2 күнүттэн «О внесении изменений в кодекс РФ об административных правонарушениях» диэн 86-c №-дээх Федеральнай сокуон үлэтин саҕалаабыта. Манна этиллэринэн, ирдэбиллэри кэһии иһин административнай эппиэтинэс ыстараабын кээмэйэ маннык суруллубут. Ол курдук чааһынай киһиэ­хэ 3-5 тыһ. солк., дуоһунастаах сирэйгэ 10-30 тыһ. солк. урбаан­ньыттарга – 20-40 тыһ. солк. эбэтэр 90 хонук устата үлэтин тохтотор. Юридическай сирэйгэ 40-80 тыһ. солк. эбэтэр 90 хонук эмиэ үлэтин тохтотор. 248-с №-дээх сокуон этэринэн, балбааҕы тыа хаһаайыстыбатыгар сири уоҕурдуу быһыытынан туһаныы анал сиргэ харайыллан эрэ баран, нуор­маҕа эппиэттиир диэн чинчийии түмүгүн кэнниттэн туттуллуохтаах. Бу сокуон хараҕа ноһуому сири уоҕурдууга анаан атыылыыр чааһынай дьоҥҥо дьайбат. Кинилэр төһө баҕарар, ханна баҕарар атыылыахтарын да, атыылаһыахтарын да сөп, бэйэ-бэйэлэригэр ылсыылара-бэрсиилэрэ Россельхознадзор хонтуруолугар бэриммэт. Ноһуому бал­­баах оҥорон сири уоҕурдууга туттабын диэн Россельхознадзорга биллэрии ыыппыт хаһаа­йыстыбалар бу балбаахтарын мээнэ сиргэ сытыарбаттар. 248№-дээх «О побочных продуктах животноводства и о внесении изменений в отдельные законодательные акты РФ» диэн Федеральнай со­­куон этэринэн, балбааҕы харайыыга маннык ирдэбиллэр бааллар. Балбаах хаһааныллар былаһаак­ката төгүрүччү күрүөлэммит уонна сиик, уу тахсар ханаабалаах буолуохтаах. Оттон түгэҕэ сиэмэн, 20 см халыҥнаах туой буор эбэтэр герметичнэй салапаан буолуохтаах. Былаһаакка дьиэ кыылын иитэр сиртэн тэйиччи туруох­таах. Үрдэ сабыылаах буолара ирдэниллибэт”, – диэн кэп­сээтэ.

Хаһаайыстыбаларга көмө наада

Мунньахха этиммит дьон хаһаа­йыстыбаларга көмө наа­датын туһунан этиннилэр, туруорустулар. Бүлүү улуу­һун тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын салайаач­чыта Павел Иннокентьев: «Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн элбэх тэрээһиннээх хаһаайыстыба­лаах улуус буолабыт. Ол курдук үс улахан бааһынай хаһаайыс­тыба, биир ХЭУо уонна сэттэ оҥорон таһаарар кэпэрэ­тиип бааллар. Бааһынай хаһаа­йыстыбалар 80-чалар. Балбаах сокуона  киириэҕиттэн хаһаа­йыстыбалар сэрэтэр суруктары ыыта олороллор. Сокуон тула уустуктары көрсөн уонтан тахса бааһынай хаһаайыс­тыба үлэтин тохтоппута. Тус санаабын этэр буоллахха, со­­куон ситэтэ суох. Ол курдук кэлэр сылга  балбаах хаһааныллар былаһааккатыгар үп көрүллүөн наада. Быһа холоон ылан көрдөххө, кырата 15  мөл. солк. наада. Сокуон этэринэн, манна кутуллубут ноһуом уоҕурдуу буолар. Ити иннинэ анаа­лыс туттарыллар. Анаалыс куһаҕан буоллаҕына, уоҕурдуу быһыытынан туһаныллыбат, таах мунньулла сытарыгар тии­йэр. Киин Арассыыйаҕа сүөһү но­­һуома түргэнник уоҕурдуу буолар. Кинилэр анал чиэрбэлэри дуу, бороһуогу дуу кутан икки-үс ыйынан уоҕурдуу оҥорон таһаа­раллар. Биһиэхэ, Саха сиригэр, хастыы да сыл сыттаҕына, биирдэ туһаҕа тахсар. Тоҕо диэтэххэ, сайыммыт кылгас. Бу муспут балбаахпыт туолан, таһынан баран, айылҕабытыгар өссө элбэх хоромньуну оҥо­руон сөп. Россельхознадзордары кытта кэпсэтэ сылдьыбыппыт, онно төһө бириэмэнэн балбаахпыт уоҕурдуу буоларый диэн ыйытыы биэрбитим да, сөптөөх эппиэти туппатаҕым. Саха сиригэр арыый уратылаах дииллэр, ол эрээри федеральнай сокуону уларытар кыаллыбата биллэр. Холобур быһыытынан аҕаллахха, нэһилиэктэргэ чааһынай сүөһүлээх дьон биир-икки эрэ хаалла. Бааһынай хаһаайыс­тыба эмиэ аччыыр куттал­лаах. Улахан хаһаайыстыбалары кыттыһан биир полигон оҥос­тон балбаахтарын тоҕуох­таахтар диэн этии эмиэ баар.  Уһук Илиҥҥэ биһиги улахан эрэги­йиэн буолабыт. Онон бу сокуоҥ­ҥа дьокутааттар үлэлэһиэхтэрин наада дии саныыбын. Ирбэт тоҥ­ноох Саха сирин үчүгэйдик үөрэтэн көрөн баран, биир кэлим сокуон ылыныллыбыта буол­лар дии саныыбын. Холобур, полигон оҥостон баран, онтубутун эмиэ таһынан ыыттахпытына, ыстарааба улахан. Юридическай сирэйгэ 300-тэн тахса тыһ. солк. тэҥнэһэр, оттон айылҕаҕа хоромньу тахсыбыт буоллаҕына, ыстараап суумата мөлүйүө­нүнэн буолар. Ону таһынан, 90 күн хаһаайыс­тыба үлэтин тохтоторун туһунан суут уураах­тыыр. Өскөтүн, хаһаа­йыстыба 90 күн үлэлээбэтэ даҕаны эстэригэр эрэ тиийэр. Инникитин саҥа ньыма биэрэн сайыннарабыт диир буоллахха, бу боппуруоска үп-харчы көрөн сааһылыахпытын наада. Аҥаардас улуус эбэтэр хаһаа­йыстыба бүддьүөтүттэн уйунар уустук. Хаһаайыстыба үбэ-аһа төһөтө биллэр буоллаҕа. Холобур, «Бөтүҥ» диэн оҥорон таһаарар кэпэрэтииби ылан көрөр буоллахха, 200 туонна үүттээх уонна атын дохуота суох. 20-чэ үлэһиттээх. Бу оҥорбут дохуотунан оттууругар уматык ылыан, дьонун хамнастыан наада. Уопсайынан, улахан тэрээһиннээх хаһаа­йыстыбаларга болҕомто ууруох­ха наада. Аһары кэпэрээс­сийэнэн үлүһүйэммит, дохуокка тахсыы уустугурда. Кэпэрээссийэ хайдах даҕаны дохуокка тахсар кыаҕа суох. Онон баар тэрээһиннээх хаһаа­йыстыбалары өйүөххэ наада. Кинилэри үлэлэтэн, күүһүрдэн баран биирдэ киириэххэ сөп. Кэпэрээссийэ диэн дьон сүөһүтүн ылан иитиигэ киһи сатаан дохуоттаммат”, – диэн бары өттүнэн олус сөптөөхтүк иһитиннэрдэ.

Ат оҕус көлөнү солбуйуо дуо?

Мин оҕо эрдэхпинэ, аҕам саастаах дьон үксэ окко-маска, хаһаайыстыбаҕа көлүүр оҕуһу туһанар буолаллара. Нэһилиэк ахсын үстүү-түөртүү адаар муос­таах сүүнэ улахан оҕустары сөҕөн көрөөччүбүт. Кинилэр бэ­­йэлэрин дьулаан көстүүлэригэр сөбө суох олус сымнаҕас майгылаахтарын өйдүүбүн. 90-чалаах Дьарааһын оҕонньор көлүүр оҕуһун муннуттан сиэтэн сыралҕан куйаас­ка хааман иһэрэ билигин да харахпар көстөр. Балбааҕы хаһаанар былаһаакка оҥоһулуннаҕына, хаһаайыстыбаларга ноһуому таһыыга аны уматык­ка хоромньулаах буолууһу. Ол курдук, хотонтон была­һааккаҕа диэри көлөнөн тиэйии сыраны эрэ буолбакка, үбү-харчыны эмиэ эрэйэр. Онон хаһаа­йыстыбалар дохуокка тахсар туһуттан барытыгар суоттанан-учуоттанан, уматыкка орос­куотурбат туһуттан бу урукку ньыманы туһаналлара буолуо дии саныыбын.

Уматык “ытырар” сыаната

Билигин биир лиитирэ сэлээркэ сыаната 80 cолк. 23 харчыга тэҥнэһэр. Сүүс сүөһүлээх хаһаайыстыба күн ахсын кыс устата төһө туонна балбааҕы таһаарыай? Илиинэн таһыы кыайтарбата биллэр. Тыраахтар көлөҕө тиэйдэххэ, күн ахсын төһөлүү лиитирэ уматыгы барыай? Быһата, улахан ночооттоох сыра буолар.

Түмүк

Саас ириэрии буоллаҕына, хаары кытта тэҥҥэ ууллан, чугастааҕы ыал булууһугар, күөлтэн чугас буоллаҕына, онно кытта киириэн сөп. Тыа сиригэр балбаах хаһаанар сири сөптөөхтүк дьаһаннахтарына, айылҕаҕа оҥоһуллар хоромньу арыый аччыахтаах, оттон сөптөөх анаалыһы ааспыт ноһуом уоҕурдууга туһаныллар.

«Харгыстары үөскэтиэх курдук»

Олег Федоров, Бүлүү улууһун Бөтүҥ нэһилиэгин «Бөтүҥ» оҥорон таһаарар кэпэрэтиип салайааччыта:

– Биһиги кэпэрэтииппит 100 ыанар ынахтаах, ону таһынан, 90 субан сүөһүнү тутар. Хаһаайыстыбабытыгар 20 үлэһиттээхпит. Нэһилиэкпитигэр «Уйгу» потребительскай кэпэрэтиип  иһинэн үлэлиир собуокка үүппүтүн туттара олоробут. Балбааҕы хаһааныы туһунан сокуон киириитэ онто да суох үгүс түбүктээх тыа сирин дьонугар харгыстары үөскэтиэх курдук. Олорбуппут сыччах диэбит курдук балаһыанньа буолла. Мин билиҥҥитэ балбаахпын хаһаанар былаһааккабын оҥосто иликпин. Ол эрээри  пиэрмэбиттэн чугас урукку буор хаһыллыбыт карьерын туһанаа­ры гынабын. Билигин бары окко сылдьабыт. Онон былаһаакка туһунан оту үмүрүтэн баран толкуйдуохпут. Тыа сиригэр сүөһү-ас тутан олорор дьон ахсаана, кэпэрэтииптэр, бааһынай хаһаа­йыстыбалар элбиэхтээхтэр. Оччоҕуна эрэ төрүт үгэспитин ыһык­тыбакка, сүөһүнү-аһы тутан олорор кыахтанабыт. Бэйэ үүтэ-аһа дэлэйиэхтээх. Ол эрээри кэлиҥҥи сылларга сүөһү иитэр дьон ахсаана аччыыра хомолтолоох. Үүт ас суох буолла даҕаны, тыа сирэ эстэригэр эрэ тиийэр дии саныыбын.

«Бу боппуруос эмиэ быһаарыллыан наада»

Полина Николаева, суруналыыс, пиэрмэр, тыа сирин олоҕун пропагандалааччы телеграмханаалыгар маннык диэн толкуйыйытыы суруйбут:

– Дэриэбинэм таһынан  өрүү дьаарбайабын. Сэбиэскэй саҕанааҕы быраҕыллыбыт хотон элбэх. Ол иһэ толору сүөһү. Саастан саҕалаан, хотоҥҥо киириэхтэригэр диэри хонор-өрүүр сирдэрэ. Ол өтөхсүйбүт хотоннору кэрийэ сылдьан тугу санаатым диэ – «Балбаах сокуонун».

Дьэ, бу маннык хас эмэ сыллар усталарыгар сүөһү сааҕынан-­иигинэн туолар хотоннор экологияҕа дьайыыларын үөрэппиттэрэ эбитэ дуу? Маннык хотоннору ким дьаһайыахтааҕый? «Балбаах сокуона» дьиэ кыылын, көтөрүн иитэр дьонтон ирдэбилэ күнтэн-күн күүһүрэн иһэр. Бу сотору манна сыһыаннаан эмиэ мунньах буолар. Онно бу экологияҕа сыһыаннаах боппу­руос көрүллүөн наада эбит.

«Сирбин булан олоробун»

Альберт Егоров, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хара нэһилиэгин бааһынай хаһаайыстыбатын салайааччыта:

– Хаһаайыстыбабар 60 сүөһүлээхпин. Балбаах хаһаанар былаһаакка буолуохтаах сирбин булан олоробун. Билигин от үгэнэ буолан, бары күүһү окко уура сылдьабыт. Күһүн, балаҕан ыйыгар былаһааккабын оҥостуом. Номнуо күрүөтэ-хаһаата оҥоһуллубута. Сир кырсын ылан кэбистим даҕаны, анна туой буор буолар.

+1
3
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
27 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: