Атырдьах ыйын саҥата балбаах сокуонунан Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ уонна Бэтэринээринэй, фитосанитарнай кэтээн көрүү федеральнай сулууспатын управлениета, Россельхознадзор уонна Росприроднадзор кыттыылаах кэпсэтии-мунньах буолла. Манна чааһынай тэрилтэлэр, юридическай сирэйдэр сүөһү ноһуомун уоҕурдуу оҥостобун диэн ыытар суруктарыттан саҕалаан балбааҕы хаһаанар сири бэлэмнээһиҥҥэ тиийэ кэпсэттилэр.
Ыстараап төһөнүй?
Тыа сирин олохтоохторугар бу тула ыйытыы үгүс. Россельхознадзорга хаһаайыстыбалартан ыытыллар сурук сыл ахсын ахсынньы 31 күнүгэр диэри тутуллар. Балбааҕы хаһаанар сир оҥоһуллуох иннинэ ноһуому анаалыска ыыталлар. Анаалыска сиикэй ноһуому туттарбыт хаһаайыстыбалар бааллара биллибит. Сиикэй хайдах даҕаны уоҕурдуу буолар кыаҕа суох. Тыа сиригэр кыһалҕаттан сылтаан бу кэпсэтиигэ хаһаайыстыбалар холбоһон биир хаһааныллар сири оҥостоллоругар сүбэлээбиттэр. Бу төһө оруннааҕый?
«О побочных продуктах животноводства и о внесении изменений в отдельные законодательные акты РФ» диэн 248 №-дээх, судургутук эттэххэ, «Балбааҕы харайыы сокуона» 2022 cыл от ыйын 14 күнүгэр олоххо киирбитэ. Ааспыт сыл кулун тутар 1 күнүттэн үлэтин саҕалаабыта. Сокуон олоххо киириэҕиттэн аны урукку курдук балбааҕы хотон таһыгар дьапталҕалыыр, олбуордар оҥхой сирдэрин дэхсилиир бобуллубута. Биһиги бу сокуон тула үгүстүк суруйдубут. Ол эрээри сокуону билигин да сиһилии өйдүү иликтэрэ балбааҕы хаһаанар анал сирдэр оҥоһулла иликтэрин туоһулуур.
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн балбааҕы хаһааныы кыһалҕата сытыытык турар. Төһө хаһаайыстыба бүгүҥҥү күҥҥэ бэлэмий?
Россельхознадзор Амур уобалаһынааҕы уонна Саха сиринээҕи салаатын судаарыстыбаннай иниспиэктэрэ Владислав Томскай: «Билиҥҥи туругунан хас хаһаайыстыбаҕа сүөһү ноһуомуттан уоҕурдуу оҥоһуллубута биллибэт. Сүөһү ноһуомун уоҕурдуу оҥорор буоллубут диэн номнуо былаһааккаларын бэлэмнээн баран биһиэхэ биллэрии ыыталлар. Өскөтүн, былаһааккаларын бэлэмнээбэккэ сурук ыыппыт буоллахтарына, бэрэбиэркэ буолар түгэнигэр, бу дьыаланан Росприроднадзор дьарыктанар. Бу сылга уопсайа 800 хаһаайыстыбаттан бэлэммит диэн биллэрии суруктары туппуппут. 10.8.1 ыстатыйанан сүөһү ноһуомун харайыыга ирдэбили тутуспат буолуу иһин дуоһунастаах сирэйдэргэ ыстараап суумата 30-40 тыһ. солк., юридическай сирэй буолбатах эрээри урбаанньыт быһыытынан дьарыктанар сирэйдэргэ ыстараап 50-60 тыһ. солк, ону сэргэ 90 күн устата хаһаайыстыбатын үлэтин тохтотор. Юридическай сирэйдэргэ ыстараап – 250-350 тыһ. солк. диэри эбэтэр эмиэ 90 күн устата үлэтин тохтотор. Маннык административнай быраабы кэһии хатыланар түгэнигэр, ыстараап суумата үрдээн биэрэр. Ол эбэтэр юридическай сирэйдэргэ 350-450 тыһ. солк. тэҥнэһэр, оттон атыттарга уоннуу тыһыынчанан үрдээн биэрэр”, – диэн быһааран биэрдэ.
Балбааҕы хаһаанар былаһаакка хайдах буолуохтааҕый?
Россельхознадзор Амур уобалаһынааҕы уонна Саха сиринээҕи салаатын сири уонна пестицид эргийиитин хонтуруоллуур салаа начаалынньыгын солбуйааччыта Павла Адамова: «Балбаах сокуонугар эбии уларыйыы киирдэ. Ол курдук РФ Административнай кодексатын 8.6 ыст. 2 ч. балбааҕынан сири киртитии иһин административнай эппиэтинэскэ тардыллыы диэн эбии киирдэ. Бу сокуон ирдэбиллэрэ «Об утверждении требований к обращению побочных продуктов животноводства» диэн Арассыыйа бырабыыталыстыбатын 1940 №-дээх уурааҕар ыйыллар. Бу сыл ыам ыйын 2 күнүттэн «О внесении изменений в кодекс РФ об административных правонарушениях» диэн 86-c №-дээх Федеральнай сокуон үлэтин саҕалаабыта. Манна этиллэринэн, ирдэбиллэри кэһии иһин административнай эппиэтинэс ыстараабын кээмэйэ маннык суруллубут. Ол курдук чааһынай киһиэхэ 3-5 тыһ. солк., дуоһунастаах сирэйгэ 10-30 тыһ. солк. урбаанньыттарга – 20-40 тыһ. солк. эбэтэр 90 хонук устата үлэтин тохтотор. Юридическай сирэйгэ 40-80 тыһ. солк. эбэтэр 90 хонук эмиэ үлэтин тохтотор. 248-с №-дээх сокуон этэринэн, балбааҕы тыа хаһаайыстыбатыгар сири уоҕурдуу быһыытынан туһаныы анал сиргэ харайыллан эрэ баран, нуормаҕа эппиэттиир диэн чинчийии түмүгүн кэнниттэн туттуллуохтаах. Бу сокуон хараҕа ноһуому сири уоҕурдууга анаан атыылыыр чааһынай дьоҥҥо дьайбат. Кинилэр төһө баҕарар, ханна баҕарар атыылыахтарын да, атыылаһыахтарын да сөп, бэйэ-бэйэлэригэр ылсыылара-бэрсиилэрэ Россельхознадзор хонтуруолугар бэриммэт. Ноһуому балбаах оҥорон сири уоҕурдууга туттабын диэн Россельхознадзорга биллэрии ыыппыт хаһаайыстыбалар бу балбаахтарын мээнэ сиргэ сытыарбаттар. 248№-дээх «О побочных продуктах животноводства и о внесении изменений в отдельные законодательные акты РФ» диэн Федеральнай сокуон этэринэн, балбааҕы харайыыга маннык ирдэбиллэр бааллар. Балбаах хаһааныллар былаһаакката төгүрүччү күрүөлэммит уонна сиик, уу тахсар ханаабалаах буолуохтаах. Оттон түгэҕэ сиэмэн, 20 см халыҥнаах туой буор эбэтэр герметичнэй салапаан буолуохтаах. Былаһаакка дьиэ кыылын иитэр сиртэн тэйиччи туруохтаах. Үрдэ сабыылаах буолара ирдэниллибэт”, – диэн кэпсээтэ.
Хаһаайыстыбаларга көмө наада
Мунньахха этиммит дьон хаһаайыстыбаларга көмө наадатын туһунан этиннилэр, туруорустулар. Бүлүү улууһун тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Павел Иннокентьев: «Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн элбэх тэрээһиннээх хаһаайыстыбалаах улуус буолабыт. Ол курдук үс улахан бааһынай хаһаайыстыба, биир ХЭУо уонна сэттэ оҥорон таһаарар кэпэрэтиип бааллар. Бааһынай хаһаайыстыбалар 80-чалар. Балбаах сокуона киириэҕиттэн хаһаайыстыбалар сэрэтэр суруктары ыыта олороллор. Сокуон тула уустуктары көрсөн уонтан тахса бааһынай хаһаайыстыба үлэтин тохтоппута. Тус санаабын этэр буоллахха, сокуон ситэтэ суох. Ол курдук кэлэр сылга балбаах хаһааныллар былаһааккатыгар үп көрүллүөн наада. Быһа холоон ылан көрдөххө, кырата 15 мөл. солк. наада. Сокуон этэринэн, манна кутуллубут ноһуом уоҕурдуу буолар. Ити иннинэ анаалыс туттарыллар. Анаалыс куһаҕан буоллаҕына, уоҕурдуу быһыытынан туһаныллыбат, таах мунньулла сытарыгар тиийэр. Киин Арассыыйаҕа сүөһү ноһуома түргэнник уоҕурдуу буолар. Кинилэр анал чиэрбэлэри дуу, бороһуогу дуу кутан икки-үс ыйынан уоҕурдуу оҥорон таһаараллар. Биһиэхэ, Саха сиригэр, хастыы да сыл сыттаҕына, биирдэ туһаҕа тахсар. Тоҕо диэтэххэ, сайыммыт кылгас. Бу муспут балбаахпыт туолан, таһынан баран, айылҕабытыгар өссө элбэх хоромньуну оҥоруон сөп. Россельхознадзордары кытта кэпсэтэ сылдьыбыппыт, онно төһө бириэмэнэн балбаахпыт уоҕурдуу буоларый диэн ыйытыы биэрбитим да, сөптөөх эппиэти туппатаҕым. Саха сиригэр арыый уратылаах дииллэр, ол эрээри федеральнай сокуону уларытар кыаллыбата биллэр. Холобур быһыытынан аҕаллахха, нэһилиэктэргэ чааһынай сүөһүлээх дьон биир-икки эрэ хаалла. Бааһынай хаһаайыстыба эмиэ аччыыр кутталлаах. Улахан хаһаайыстыбалары кыттыһан биир полигон оҥостон балбаахтарын тоҕуохтаахтар диэн этии эмиэ баар. Уһук Илиҥҥэ биһиги улахан эрэгийиэн буолабыт. Онон бу сокуоҥҥа дьокутааттар үлэлэһиэхтэрин наада дии саныыбын. Ирбэт тоҥноох Саха сирин үчүгэйдик үөрэтэн көрөн баран, биир кэлим сокуон ылыныллыбыта буоллар дии саныыбын. Холобур, полигон оҥостон баран, онтубутун эмиэ таһынан ыыттахпытына, ыстарааба улахан. Юридическай сирэйгэ 300-тэн тахса тыһ. солк. тэҥнэһэр, оттон айылҕаҕа хоромньу тахсыбыт буоллаҕына, ыстараап суумата мөлүйүөнүнэн буолар. Ону таһынан, 90 күн хаһаайыстыба үлэтин тохтоторун туһунан суут уураахтыыр. Өскөтүн, хаһаайыстыба 90 күн үлэлээбэтэ даҕаны эстэригэр эрэ тиийэр. Инникитин саҥа ньыма биэрэн сайыннарабыт диир буоллахха, бу боппуруоска үп-харчы көрөн сааһылыахпытын наада. Аҥаардас улуус эбэтэр хаһаайыстыба бүддьүөтүттэн уйунар уустук. Хаһаайыстыба үбэ-аһа төһөтө биллэр буоллаҕа. Холобур, «Бөтүҥ» диэн оҥорон таһаарар кэпэрэтииби ылан көрөр буоллахха, 200 туонна үүттээх уонна атын дохуота суох. 20-чэ үлэһиттээх. Бу оҥорбут дохуотунан оттууругар уматык ылыан, дьонун хамнастыан наада. Уопсайынан, улахан тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларга болҕомто ууруохха наада. Аһары кэпэрээссийэнэн үлүһүйэммит, дохуокка тахсыы уустугурда. Кэпэрээссийэ хайдах даҕаны дохуокка тахсар кыаҕа суох. Онон баар тэрээһиннээх хаһаайыстыбалары өйүөххэ наада. Кинилэри үлэлэтэн, күүһүрдэн баран биирдэ киириэххэ сөп. Кэпэрээссийэ диэн дьон сүөһүтүн ылан иитиигэ киһи сатаан дохуоттаммат”, – диэн бары өттүнэн олус сөптөөхтүк иһитиннэрдэ.
Ат оҕус көлөнү солбуйуо дуо?
Мин оҕо эрдэхпинэ, аҕам саастаах дьон үксэ окко-маска, хаһаайыстыбаҕа көлүүр оҕуһу туһанар буолаллара. Нэһилиэк ахсын үстүү-түөртүү адаар муостаах сүүнэ улахан оҕустары сөҕөн көрөөччүбүт. Кинилэр бэйэлэрин дьулаан көстүүлэригэр сөбө суох олус сымнаҕас майгылаахтарын өйдүүбүн. 90-чалаах Дьарааһын оҕонньор көлүүр оҕуһун муннуттан сиэтэн сыралҕан куйааска хааман иһэрэ билигин да харахпар көстөр. Балбааҕы хаһаанар былаһаакка оҥоһулуннаҕына, хаһаайыстыбаларга ноһуому таһыыга аны уматыкка хоромньулаах буолууһу. Ол курдук, хотонтон былаһааккаҕа диэри көлөнөн тиэйии сыраны эрэ буолбакка, үбү-харчыны эмиэ эрэйэр. Онон хаһаайыстыбалар дохуокка тахсар туһуттан барытыгар суоттанан-учуоттанан, уматыкка ороскуотурбат туһуттан бу урукку ньыманы туһаналлара буолуо дии саныыбын.
Уматык “ытырар” сыаната
Билигин биир лиитирэ сэлээркэ сыаната 80 cолк. 23 харчыга тэҥнэһэр. Сүүс сүөһүлээх хаһаайыстыба күн ахсын кыс устата төһө туонна балбааҕы таһаарыай? Илиинэн таһыы кыайтарбата биллэр. Тыраахтар көлөҕө тиэйдэххэ, күн ахсын төһөлүү лиитирэ уматыгы барыай? Быһата, улахан ночооттоох сыра буолар.
Түмүк
Саас ириэрии буоллаҕына, хаары кытта тэҥҥэ ууллан, чугастааҕы ыал булууһугар, күөлтэн чугас буоллаҕына, онно кытта киириэн сөп. Тыа сиригэр балбаах хаһаанар сири сөптөөхтүк дьаһаннахтарына, айылҕаҕа оҥоһуллар хоромньу арыый аччыахтаах, оттон сөптөөх анаалыһы ааспыт ноһуом уоҕурдууга туһаныллар.
«Харгыстары үөскэтиэх курдук»
Олег Федоров, Бүлүү улууһун Бөтүҥ нэһилиэгин «Бөтүҥ» оҥорон таһаарар кэпэрэтиип салайааччыта:
– Биһиги кэпэрэтииппит 100 ыанар ынахтаах, ону таһынан, 90 субан сүөһүнү тутар. Хаһаайыстыбабытыгар 20 үлэһиттээхпит. Нэһилиэкпитигэр «Уйгу» потребительскай кэпэрэтиип иһинэн үлэлиир собуокка үүппүтүн туттара олоробут. Балбааҕы хаһааныы туһунан сокуон киириитэ онто да суох үгүс түбүктээх тыа сирин дьонугар харгыстары үөскэтиэх курдук. Олорбуппут сыччах диэбит курдук балаһыанньа буолла. Мин билиҥҥитэ балбаахпын хаһаанар былаһааккабын оҥосто иликпин. Ол эрээри пиэрмэбиттэн чугас урукку буор хаһыллыбыт карьерын туһанаары гынабын. Билигин бары окко сылдьабыт. Онон былаһаакка туһунан оту үмүрүтэн баран толкуйдуохпут. Тыа сиригэр сүөһү-ас тутан олорор дьон ахсаана, кэпэрэтииптэр, бааһынай хаһаайыстыбалар элбиэхтээхтэр. Оччоҕуна эрэ төрүт үгэспитин ыһыктыбакка, сүөһүнү-аһы тутан олорор кыахтанабыт. Бэйэ үүтэ-аһа дэлэйиэхтээх. Ол эрээри кэлиҥҥи сылларга сүөһү иитэр дьон ахсаана аччыыра хомолтолоох. Үүт ас суох буолла даҕаны, тыа сирэ эстэригэр эрэ тиийэр дии саныыбын.
«Бу боппуруос эмиэ быһаарыллыан наада»
Полина Николаева, суруналыыс, пиэрмэр, тыа сирин олоҕун пропагандалааччы телеграм—ханаалыгар маннык диэн толкуй—ыйытыы суруйбут:
– Дэриэбинэм таһынан өрүү дьаарбайабын. Сэбиэскэй саҕанааҕы быраҕыллыбыт хотон элбэх. Ол иһэ толору сүөһү. Саастан саҕалаан, хотоҥҥо киириэхтэригэр диэри хонор-өрүүр сирдэрэ. Ол өтөхсүйбүт хотоннору кэрийэ сылдьан тугу санаатым диэ – «Балбаах сокуонун».
Дьэ, бу маннык хас эмэ сыллар усталарыгар сүөһү сааҕынан-иигинэн туолар хотоннор экологияҕа дьайыыларын үөрэппиттэрэ эбитэ дуу? Маннык хотоннору ким дьаһайыахтааҕый? «Балбаах сокуона» дьиэ кыылын, көтөрүн иитэр дьонтон ирдэбилэ күнтэн-күн күүһүрэн иһэр. Бу сотору манна сыһыаннаан эмиэ мунньах буолар. Онно бу экологияҕа сыһыаннаах боппуруос көрүллүөн наада эбит.
«Сирбин булан олоробун»
Альберт Егоров, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хара нэһилиэгин бааһынай хаһаайыстыбатын салайааччыта:
– Хаһаайыстыбабар 60 сүөһүлээхпин. Балбаах хаһаанар былаһаакка буолуохтаах сирбин булан олоробун. Билигин от үгэнэ буолан, бары күүһү окко уура сылдьабыт. Күһүн, балаҕан ыйыгар былаһааккабын оҥостуом. Номнуо күрүөтэ-хаһаата оҥоһуллубута. Сир кырсын ылан кэбистим даҕаны, анна туой буор буолар.
Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…
Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…
Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…
Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…
Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…
Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…