Балет оскуолатын үөрэнээччитэ Алисия Пак кыһыл көмүс мэтээли ылла
Саратов уобалаһыгар ыытыллыбыт XXII Дельфийскэй оонньууларга Дьокуускайдааҕа балет оскуолатын устудьуона, култуура туйгуна Алисия Пак «Классическай үҥкүү» номинацияҕа бастаан кыһыл көмүс мэтээли ылла.
Бу ситиһии олус улахан суолталааҕын туһунан СӨ култууратын миниистирэ Юрий Куприянов тоһоҕолоон эттэ:
-Үрдүк таһымнаах күрэс биир сүрүн номинациятыгар бастакы миэстэни ылыы, бу бэртээхэй ситиһии. Өрөспүүбүлүкэ күнүн иннинэ бу сонун кэлбитэ үөрүүнү өссө үксэтэр. Бу кыайыы өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар барыларыгар бэлэх буолар. Алисия саха балетын инники эрэлэ. Балет оскуолатын, Алисияны, кини учууталларын чаҕылхай кыайыыны ситиспиттэринэн эҕэрдэлиибин.
Ыччат Дельфийскэй оонньуулара муус устар 21-26 күннэригэр Саратовка ыытыллаллар. Култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтэ, СӨ Үөрэх министиэристибэтэ, АГИКИ холбоон араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ ситиһиилээх оҕолору түмэллэр. Манна дэлэгээссийэ тэрийбиттэрэ. Саха сириттэн тиийбит оҕолор аҕыс номинацияҕа кытталлар: «скрипка», «живопись», «уруһуй», «уус-уран идэ», «классический үҥкүү», «тележурналистика», «кулинарное искусство» уонна «балалайка».
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: