Бүгүҥҥү иһитиннэриинэн, балтараа тыһыынчаттан тахса байыас уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ кэлим социальнай реабилитацияны ааспыттар.
Бу туһунан СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистири бастакы солбуйааччы Альбина Трубина иһитиннэрдэ.
—Социальнай реабилитация үлэтэ салҕанар. Куурус 18-21 күн устата ыытыллар. Ордук Дьокуускайга реабилитационнай кииҥҥэ наадыйааччы элбэх, — диир кини.
Кини өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар баар инбэлииттэр тиэхиньикум-интэринээттэригэр байыастарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэригэр эбии үөрэтии ыытылларын этэр. Манна уопсайа 480 киһи хабыллыбыт. Итинтэн аҕыс уона номнуо араас идэлэргэ үөрэммиттэр.
Тиэхиньикум-интэринээт исписэлиистэрэ үөрэх иитинэн, байыастарга уонна кинилэр чугас дьонноругар сүбэ-ама оҥороллор, ону таһынан нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун кииннэригэр үлэнэн хааччыйыыга туһуламмыт көмө эмиэ оҥоһуллар.
Миниистири бастакы солбуйааччы 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ РФ Социальнай пуондатын кииннэригэр санаторнай-курортнай эмтэниини барыахтарын сөптөөҕүн туһунан иһитиннэрэр. Маннык чэпчэтии бэтэрээннэргэ сылга биирдэ оҥоһулларын, санаторнай-курортнай эмтэнии 21 күҥҥэ диэри буоларын этэр. Өйөбүлүнэн туһаныы туһунан ыйытыылаахтар улуустарга РФ Социальнай пуондатын отделениеларыттан чопчулаһыахтарын сөп.
Санатар буоллахха, Ил Дархан Айсен Николаев Судаарыстыбаннай Мунньахха (Ил Түмэҥҥэ) туһаайан этиитигэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар социальнай адаптация сүрүн суолталааҕын этэн турар.
—Хас биирдии байыас социальнай реабилитацияны ааһарын хааччыйыахтаахпыт. Үлэнэн хааччыллыыларын боппуруоһун быһаарыахтаахпыт. Идэ ылалларыгар, үлэлээх буолалларыгар болҕомтобутун ууруохтаахпыт, — диэбитэ. СӨ Бырабыыталыстыбатыгар, улуустар баһылыктарыгар байыаннай сулууспалаахтар бары хайысхаларынан социальнай адаптацияны ааһалларыгар үлэни күүһүрдэллэригэр соруйбута.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
ХИФУ «Лингвистическая экология Арктики» аан дойдутааҕы научнай-чинчийэр лабораториятын учуонайдара эспэдииссийэ кэмигэр Орто Халыма оройуонугар ханна…
63 саастаах биэнсийэлээх дьахтар мэдииссинэ фирмата тэрийбит түөкүннээһин схематын сиэртибэтинэн буолла. Дьахтар 900 тыһ. тахса…
Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Ленинград куорат 872 күннээх өстөөх ытарчатын тулуйбута. Бу ытык сир көмүскэлигэр…
Бу анал байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин үйэтитиигэ туһуламмыт көҕүлээһин ааптардарынан «Аҕа дойду көмүскээччилэрэ» пуонда уонна Москватааҕы…
Куйаар ситимигэр нейросеть Аҕа дойду Улуу Сэриитин саллааттарыгар анаммыт пааматынньыктары тилиннэрбитин тарҕаттылар. Нейросеть хараҕынан пааматынньыктар…
Дьокуускайга быраастар 70 саастаах дьахтар оһоҕоһуттан үс абрикос фруктаны хостоон таһаарбыттар. Дьахтар балыыһаҕа абрикостары ыйыстан,…