Салгыы
Балык «дөйө» тоҥмута дыгдайан тахсыбыт

Балык «дөйө» тоҥмута дыгдайан тахсыбыт

27.05.2023, 20:54
Хаартыска -- социальнай ситимтэн
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ ситимҥэ Ньурба улууһун Чуукаар нэһилиэгин Хампах күөлүгэр балык бөҕө өлбүтүн туһунан иһитиннэрии тарҕанна.

Биһиги СӨ экологияҕа,айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтинэн Ньурбатааҕы салаатын эколога Герасим Парниковтан  быһаарыы биэрэригэр көрдөстүбүт.  Исписэлиис маннык кэпсээтэ:

Ньурба улууһун Чукаарыгар Хампах Эбэ уолан, мууһа хам тоҥмут. Бу айылҕа бэйэтин көстүүтэ. Быйыл кыһын олус күүскэ тымныйан, уу тоҥон, балыгы кислороднай аччыктааһыҥҥа тиэртэҕэ. Сир аайы итинник көстүү бэлиэтэнэр. Онон ыам ыйыгар ириэрии буолан, кыһыны быһа өлөн тоҥо сыппыт балыгы муус дыгдайан тахсан, биир сиргэ анньан кэбиспит. Көрдөххө да, кыра баҕайы соболор. Бу өрүһү кытта сибээһэ суох күөл. Кэнники кураан дьыл буолан, күөлгэ уу уолан, балык итинник «аппыт».  

Онон айылҕа бэйэтин көстүүтэ буолан, киһи куттанара, дьиксинэрэ суох эбит.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: