Бу күннэргэ ситимҥэ Ньурба улууһун Чуукаар нэһилиэгин Хампах күөлүгэр балык бөҕө өлбүтүн туһунан иһитиннэрии тарҕанна.
Биһиги СӨ экологияҕа,айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтинэн Ньурбатааҕы салаатын эколога Герасим Парниковтан быһаарыы биэрэригэр көрдөстүбүт. Исписэлиис маннык кэпсээтэ:
— Ньурба улууһун Чукаарыгар Хампах Эбэ уолан, мууһа хам тоҥмут. Бу айылҕа бэйэтин көстүүтэ. Быйыл кыһын олус күүскэ тымныйан, уу тоҥон, балыгы кислороднай аччыктааһыҥҥа тиэртэҕэ. Сир аайы итинник көстүү бэлиэтэнэр. Онон ыам ыйыгар ириэрии буолан, кыһыны быһа өлөн тоҥо сыппыт балыгы муус дыгдайан тахсан, биир сиргэ анньан кэбиспит. Көрдөххө да, кыра баҕайы соболор. Бу өрүһү кытта сибээһэ суох күөл. Кэнники кураан дьыл буолан, күөлгэ уу уолан, балык итинник «аппыт».
Онон айылҕа бэйэтин көстүүтэ буолан, киһи куттанара, дьиксинэрэ суох эбит.
Ахсынньы 13 күнүгэр Дьокуускайга Ю.Гагарин аатынан Култуура киинигэр Дьиэ кэргэн сылын үөрүүлээхтик сабыы тэрээһинэ буолла.…
Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин бу күннэргэ сылы түмүктүүр мунньахтарын ыыталыыр. Ахсынньы 10 күнүгэр Гражданскай…
Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Ленскэй, Халыма-Индигиир улуустарыгар, күнүс Дьааҥыга…
Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…
“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…
«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…