Салгыы
“Балыксыт” диэн биэс күөгүлээх эбэҥкилэр оонньуулара баар буолла

“Балыксыт” диэн биэс күөгүлээх эбэҥкилэр оонньуулара баар буолла

05.09.2024, 19:00
Хаартыска: "Айар" кинигэ кыһата
Бөлөххө киир:

Кэнники кэмҥэ саха дьоно-сэргэтэ икки өрүттэннэ. Биирэ Айылҕа баарын билиннэ. Күүскэ. Иккис эҥээр аныгы үйэ сүҥкэн хардыылаах сайдыытыгар олорсон, олорор түөлбэтиттэн ыраата көттө.

Хаартыска: "Айар" кинигэ кыһата

Ханнык баҕарар кэмҥэ итинник буолара буолуо. Ол иһин аан дойдуга ханнык эрэ тыл сүтэр, оччотугар норуот эмиэ симэлийэр. Холобур, Англия омуга тылбыт сүтүө диэн күн бүгүн куттаммат. Онуоха холоотоххо, биһиги, аҕыйах ахсааннаах омук сыдьааннара, биллэн турар, уоскутунарбыт кыра.

Били “Айарым” маҕаһыыныттан “Балыксыт” диэн бэртээхэй, биэс күөгүлээх эбэҥкилэр оонньууларын булан күннээтим. Мин, эһэлэрэ оҕонньор, күннэтэ күрэх ыытаммын күннээтим.
Биэс сиэммин кэккэлэһиннэри туруорабын уонна хамаандалааммын, ким төһө түргэнник Күөх Боллохтон балык бэриһиннэрэрий диэн киксэрэммин, оонньуу-күрэх бөҕөтүн тэрийдим. Көхтөөх баҕайы оонньуу! Аны бу бэҕэһээ бастаабыт оҕо мүнүүтэтин-сөкүүндэтин ситээри, ону куоһараары атыттар эмиэ күн аайы тылланаллар, күҥҥэ хастыыта да! Ол иһин, кырдьаҕас бөрө буоллаҕым: анал тэтэрээт оҥордум уонна онно кыттааччыларым көрдөрбүт бириэмэлэрин суруйан иһэбин.

Дьэ, санааттан санаа иэҕиллэн тахсан иһэр: аны сырыы ахсын күрэххэ ким баҕарар киирэр, бириэмэтэ суруллар. Саамай элбэхтэ оонньоон үчүгэй көрдөрүүлээх киирсээччибэр балаҕан ыйын 8 күнүгэр, сезону түмүктүүргэ бириис туттарыах буоллум! Итини кэрэхсээн аны даачы ыалын оҕолоро кыттыстылар! Киэһэ-сарсыарда, ким күнүс, ким үлэ кэннэ, бука бары көҕүһэ-көҕүһэ куоталаһаллар. Саамай үчүгэйэ: кыра барахсаттар илиилэрин имигэһэ оонньууттан оонньууга биллэ эбиллэр, көрдөрүүлэрэ тупсан иһэр. Ол аата оскуолаҕа киирэргэ тарбахтара уруучуканы тутан суруйалларыгар да бэрт туһалаах буолсу. Аны улахан дьон, уолаттарым, бөҕүөрэ быһыытыйбыт илиилэригэр “оһуобай үчүгэй массаас” эбит диэн билиннилэр.

Инньэ гынан дьиэнэн “балыктааммыт” үчүгэйин билинэн, “Айар” маҕаһыыныгар хат тиийэн өссө 3 хаа “Балыксыты” ыллыбыт. Күргүөмүнэн оонньоору. Оччоҕо оҕо аймах олус астынар уонна көҕө улаатар.

Мин сырыы ахсын усулуобуйалыыбын уонна онтубун уустугурдан иһэбин. Аны күөгүлэрин “ууга” түһэрэн баран: “Күөх Боллох, мин диэки көр, балыккыттан күндүлээ!” дэтэбин. Саҥарбатах кыттааччы очукуота түһэр. Балыгын инники таһаарбыт булгу: “Күөх далайбар махтанабы-ын!”—диэхтээх. Инньэ диэбэтэҕинэ — кыайтарар. Дьэ, онон тэлгэһэ иһэ күө-дьаа, эҥинэ бэйэлээх көр бөҕөбүт.

Махталым мааны тылларын эбэҥкилэргэ этиэхтээхпин, бэртээхэй да оонньууну бэлэхтээбиккитигэр! Маннык табыгастаах, туһалаах оонньуулаах омук кэнэҕэскитин саныыр, ыччатын ыга тутар, иитэр-үөрэтэр диэн!

Оттон онтон биһиги туһаланабыт эрэ, билиибит-кыахпыт эбиллэн иһэр!

Анньыыһын НЕУСТРОЕВ

+1
9
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -33°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: