«Балыктаах» телеустуудьуйатын үлэтин нөҥүө нэһилиэк устуоруйатын үйэтитэллэр
«Балыктаах» телеустуудьуйатын үлэтин нөҥүө нэһилиэк устуоруйатын үйэтитии» бырайыак хамсык ыарыы күүскэ тарҕанан, дойду үрдүнэн уустук балаһыанньа үөскээбит кэмигэр толкуйданан тахсыбыта.
Бастакы биэрии 2020 сыл ахсынньы 11 күнүгэр тахсыбыта, ол кэмтэн ыла күн бүгүнүгэр диэри нэдиэлэҕэ биирдэ бээтинсэ ахсын эпииргэ таһаараллар. Ол курдук, 2021 сылга — 34, 2022 сылга — 32, 2023 сылга — 33, оттон быйыл барыта 21 биэрии таҕыста. Бу сылга бүтэһик биэрии ахсынньы 29 күнүгэр тахсыаҕа.
Телеустуудьуйаҕа нэһилиэк сүрүн сонуннарын нэһилиэк баһылыга Александр Валерьевич Куприянов интервьютунан саҕаланар. Нэдиэлэ устата нэһилиэкпитигэр ыытыллыбыт тэрээһиннэр уонна нэһилиэк атын ситиһиилэрин сырдатар сюжеттар көстөллөр, сиһилии кэпсэнэллэр. Биир дойдулаахтарбытын сырдатар-үйэтитэр сыаллаах түһүмэхтэр бааллар.
2021 сыллаахха «Нэһилиэк историятын сэгэтэн» түһүмэххэ Мэҥэ нэһилиэгэр баар тэрилтэлэри тэриллиэхтэриттэн үлэлээн кэлбит устуоруйаларын сырдатыы. 2022 сыллаахха олохтоох кулууп тэриллибитэ 65 сыллаах үбүлүөйүнэн сибээстээн үлэлээн кэлбит үлэлэрин-хамнастарын туһунан 10-нуу сылынан арааран сырдатыы.
2022 сыллаахха Өрөспүүбүлүкэҕэ Ийэ сылынан нэһилиэкпит сэттэ Дьоруой Ийэлэрин уонна элбэх оҕолоох ийэлэрин «Сүрэхпит сылааһа мэлдьи ийэбитигэр» түһүмэххэ сыл устата 26 ийэлэр тустарынан сюжеттар оҥоһуллан тахсыбыттара.
2023 сылга Өрөспүүбүлүкэҕэ Үлэ сылынан «Айхаллан, үлэ киһитэ!» диэн араас сылларга үлэни өрө тутан, үлэлээн ааспыт биир дойдулаахтарбыт туһунан 50 видеосюжет тахсыбыта.
2024 сылга М.П. Габышев аатынан Балыктаах орто оскуолатын үбүлүөйэ ыытылларынан оскуола устуоруйатын 8 биэриигэ 10-нуу сылынан арааран киэҥник сырдатыы былааннанар. Ону кытта быйылы нэһилиэккэ Аҕа сыла биллэриллибитэ, итинэн сибээстээн «Нэһилиэк киэн туттуута-аҕаларбыт биһиэнэ» анал рубрикаҕа күн бүгүн аттыбытыгар баар аҕалар тустарынан 28 видеосюжет таҕыста, өссө 30 сюжет тахсара былааннанар.
Хас биэрии аайы уочаратынан оскуола, оҕо уһуйаана, ОДьКХ, бэтэринээрийэ учаастага, ФАП курдук тэрилтэлэр сонуннарын кэпсиир видеосюжеттары оҥорбуттара тахсар. Маны таһынан, биэриилэргэ «Бэлиэ түгэн»,»Саха сатаабата суох»,»Оҕуруотчут сүбэтэ» уо.д.а. түһүмэхтэр киирэн биэрэллэр.
Эпииргэ тахсар биэриилэр, анал сюжеттар пуондаҕа үйэтититиллэн, мунньуллан иһэллэригэр ситимнээх үлэ тэриллэн ыытыллар. Хас биирдии биэрии ис сүрэхтэн кыһаллан оҥоһуллар буолан, көрөөччүлэргэ тиийэригэр сүрдээх элбэх тэрээһин үлэни ааһар. Манна барытыгар кулууп үлэһиттэрэ бары көхтөөхтүк кытталлар.
Балыктаах телеустуудьуйа биэриитин ютубунан ханна баҕарар олорор биир дойдулаахтарбыт көрөллөр, сүрдээҕин биһирииллэрин биллэрэллэр-күүтэллэр. Устуудьуйа бу ыытар үлэтэ таарыйа төрөөбүт сахабыт тылын сайыннарар, киэҥ араҥаҕа тарҕатар. Аны нэһилиэк түмсүүлээх буоларыгар иитэр суолтата олус улахан. Онтон олорон ааспыт уонна билиҥҥи устуоруйаны билэр-үөрэтэр нэһилиэк хаһан баҕарар инникилээх буолара саарбаҕа суох. Устуудьуйа Мэҥэ нэһилиэгин «визитнай карточката» буолан айымньылаах үлэҕэ көҕүлүүр, туспа суоллаах-иистээх буолалларыгар олук буолар.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун култууратын «Тыа сиригэр айар үлэ-норуоту түмэр сүдү күүс» диэн улуустааҕы култуура үлэһиттэрин мунньаҕар бырайыактары көрүү күрэҕэр 18 бырайыак киирбититтэн 5 бырайыак бастыҥынан ааттанна. Балыктаахтааҕы элбэх хайысхалаах култуура киинин кэллэктиибэ (салайааччы Кычкина Л.В)» устуудьуйа үлэтин нөҥүө нэһилиэк үлэтин үйэтитии бырайыагын ситиһиилээхтик көмүскээн, 2025 сылга өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах сэминээр ыытыллар буолла.
Биир бэлиэ түгэнинэн «Саха Өрөспүүбүлүкэтин уус-уран самодеятельноһын бэтэрээнэ» аат биир дойдулаахпытыгар, уһун сылларга кулуупка үлэлээбит Скрябина Анисия Даниловнаҕа туттарылынна. Эҕэрдэ кэнсиэргэ Скрябина А.Д. уонна Антонина, Иван Прибылыхтар кытыннылар. Бу курдук, үлэ тиһигин быспакка барар ,кулууп үлэһиттэригэр өссө да ситиһиилэр кэлэн истиннэр диэн алгыспытын тиэрдэбит.
Мария Захарова, Балыктаах
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: