Балыыһа салаатын сэбиэдиссэйэ түөкүттэр ыйыыларынан кирэдьиит оҥорторбут уонна “куттала суох счекка” 1,5 мөл. солк. кэриҥэ сууманы ыыппыт
Саха сиринээҕи ИДЬМ 4-с нүөмэрдээх полиция салаатын дьуһуурунай чааһыгар, Дьокуускай куорат балыыһатын салаатын 64 саастаах сэбиэдиссэйиттэн сайабылыанньа киирбит.
Эр киһи мессенджеригэр кини салайааччытын хаартыската турар биллибэт нүөмэртэн иһитиннэрии киирбит. Сымыйа начаалынньыга сотору бухгалтерия бэрэбиэркэтэ ыытыллыан, эйиэхэ быраабы араҥаччылааччылар сибээскэ тахсыахтара диэн суруйбут.
Сотору кэминэн биир киһи “ФСБ үлэһитэбин” диэн төлөпүөннээбит итиэннэ эн ааккыттан атын дойдуга харчы ыыта сатаатылар диэн иһитиннэрбит. Ону ааһан, төлөпүөннүүр дьон эйигин истэн олоробут, бу буолбут түгэн туһунан кимиэхэ эмэ кэпсээтэххинэ холуобунай эппиэтинэскэ тардыллыаҥ диэн сааммыттар. Салгыы аны “Центробанк” сымыйа үлэһитэ төлөпүөннээбит уонна кини аатыттан ким харчы ыыта сатаабытын быһаарбыттарын, “бэрэбиэркэлии таарыйа” баар харчытын барытын кинилэр тэрилтэлэрин “куттала суох счетугар” ыытарыгар көрдөспүт.
Эр киһи итэҕэйэн, кинилэр ыйыыларынан «Мир pay» сыһыарыыны хачайдаабыт, харчытын барытын счетуттан устубут итиэннэ 650 тыһ. солк. түөкүттэр ыйбыт счеттарыгар көһөрөн кэбиспит.
Сарсыныгар сымыйа үлэһиттэр төлөпүөннээн 850 тыһ. солк. кирэдьиит оҥорторон, “куттала суох счекка” ыыт диэбиттэр, биэнсийэлээх киһи эппиттэрин толорбут.
Ол эрээри, түөкүттэр манан тохтоон хаалбатахтар, өссө биир кирэдьиити оҥорторорун ирдээбиттэр. Хас да күн кирэдьиит оҥорторо сатаабыт да, аккаас кэлэ турбут. Кинини түөкүттэр албыннаабыттарын биир баан офиһыгар түөкүттэр туһунан видеонан ролигы көрөн баран биирдэ өйдөөбүт. Ол кэмҥэ номнуо “уһун илиилээхтэргэ” 1 мөл. 493 тыһ. солк. ыыппыт эбит. Бу туһунан Саха сиринээҕи ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: