БАМ үйэ аҥаардаах үбүлүөйүн бырааһынньыктыыллар

Share

Байкал-Амур магистралын (БАМ) бэтэрээннэригэр уонна бу улуукан тутууга кыттыгастаах бары дьоҥҥо улахан суолталаах тэрээһин чугаһаата. От ыйын  8 күнүгэр Тында куоракка БАМ үйэ аҥаардаах үбүлүөйүн бэлиэтиир сүрүн тэрээһиннэр буолуохтара.

Хаартыска: Саха сирин Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтэ.

БАМ үлэһиттэригэр (үгүстэрэ АЯМ-ҥа үлэлэрин саҕалаабыт дьоҥҥо) сүгүрүйэн уонна махтанан, «Железные дороги Якутии» акционернай хампаанньа БАМ бэтэрээннэрин чиэстээһиҥҥэ аналлаах хас да тэрээһини тэрийэр.

Дьокуускайга от ыйын 4 күнүгэр Ю.А. Гагарин аатынан култуура, аныгы ускуустуба киинигэр  Байкал-Амур магистраль тутуута саҕаламмыта 50 сылыгар аналлаах гала-тэрээһин ыытылынна. Тэрээһин кыттыылаахтарыгар аатырбыт “Пламя” вокальнай-инструментальнай ансаамбыл уонна да атын айар бөлөхтөр кыттыылаах бырааһынньыктааҕы кэнсиэр ыытылынна.
Тэрээһин бочуоттаах ыалдьыттарынан Аччыгый БАМ тутуутугар өрөспүүбүлүкэ ыыппыт “Якутский комсомолец” уонна “Юность Якутии” этэрээттэрин, тырааныспар тэрилтэлэрин бэтэрээннэрэ уонна «Железные дороги Якутии» акционернай уопсастыба хамаандатын, Саха сирин салалтатын  бэрэстэбиитэллэрэ буоллулар.

Салгыы Алдан куорат эстэпиэтэни ылан, от ыйын 6 күнүгэр Олимпийскай эрэллэри бэлэмниир спортивнай оскуолатыгар үөрүүлээх тэрээһиннэр ыытыллыахтара, сүрүн дьоруойдарынан БАМ уонна АЯМ тутааччылара буолуохтара.

БАМ чахчы инникигэ суол буолла. Амур-Дьокуускай магистраль тимир суолунан Беркакит-Томмот-Дьокуускай хайысхатынан билигин пуойастар сылдьаллар. «Железные дороги Якутии» АУо дьону, таһаҕаһы таһан, Саха сирин сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын киллэрэр.
Тэрээһин кыттыылаахтарын уонна Алдан куорат ыалдьыттарын аатырбыт «Пламя» вокальнай-инструментальнай ансаамбыл, Александр Иванов уонна «Рондо» бөлөх, Ирина Круг уонна Александр Круг, аатырбыт ырыаһыт Эдуард Хиль сиэнэ — Эдуард Хиль, дуэт Галибри & Мавик уонна да атын айар бөлөхтөр эҕэрдэлиэхтэрэ.

Бу күн, от ыйын 6 күнүгэр Аллараа Бэстээх ыстаансыйатыттан Тыындаҕа үбүлүөйдээх пуойас айанныаҕа. Бу пуойас пассажирдарынан БАМ, АЯМ бэтэрээннэрэ буолуохтара.  БАМ киин куоратыгар баран иһэн, пуойас Томмот, Алдан уонна Нерюнгри ыстаансыйаларыгар тохтоон ааһыаҕа.
БАМ тутааччыларыгар албан аат!

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Саха Саарына Сааба»

Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүппүт дьон көһүннүлэр

Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  икки киһи сүппүтүн туһунан суһал  иһитиннэрии…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Георгий Олесов: “Хас биирдии быһахха алгыспын иҥэрэбин…”

Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…

8 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Рахманинов саалатыгар муусука көмүс дорҕооно кутулунна

Сэтинньи 19-23  күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…

9 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Айталыны саҥа кинигэтинэн эҕэрдэлээтилэр

Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арахсыы сүрүн төрүөттэрэ тугуй?

Былыр-былыргыттан  сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…

11 часов ago