Барча диэн тугун, хайдах, туохтан оҥоһулларын билэҕит дуо? Өбүгэлэрбит астарыттан биирдэстэрэ буолар. Оннооҕор күөрчэххэ кытта кутан сиэххэ сөп эбит. Билбэт буоллаххына манна аах.
“Дьиҥнээх барчаны күөнэхтэн хатараллар. Күөнэх диэн мунду бииһин ууһа буолан баран, балачча уратылардаах.
Барчаны маннык оҥороллор. Күөнэҕи күөлтэн таһааран ыраастаан баран буһараллар. Илдьиритиллибит, чиккэйэ сылдьар буолуохтаах. Балыгым буһан сөп буолла диэтэххинэ, таһааран чааста баҕайы сибиэҕэ кутан кэбиһэҕин. Минэ сүүрэн хаалар. Дэхси гына тарҕатаҕын уонна күн уотугар хатара уураҕын. Маннык буспут балык сиикэйдээҕэр быдан түргэнник сараҕыйан хаппытынан барар. Тоһутта сылдьар буола хаппытын кэнниттэн туос иһиккэ сүөкээн ылаҕын. Үчүгэйдик хаттаҕына балыгыҥ искэҕэ саас-сааһынан арахсар. Онон буорсатааҕар быдан бытархай ас тахсар. Барча бэлэм буоллаҕа ити.
Барчаны син биир атын астар курдук, туос, мас иһиккэ хаһааналлар. Аҥардастыы бэйэтинэн сиэххэ сөп гынан баран, били тууһа эҥин суох буолан ньулуун, соччо амтана суох буолар. Ол иһин үксүгэр аска кутан сииллэр: көбүөргэ, күөрчэххэ, үөрэҕэ. Сорохтор эрдэттэн тарга кутан кэбиһэллэрэ биллэр, оччотугар ордук амтан киирэр уонна ысталланар эбит”, — диэн ааптар Г.Н.Васильев “Сыма уонна атын астар” диэн кинигэтигэр суруйар.
Ааптар барчаны, өбүгэлэрбит көбүөргэ, күөрчэххэ, үөрэҕэ кутан сииллэр этэ диэн ыйар. Төрүт аспыт олоҕу кытта тэҥҥэ уларыйан иһэрэ мантан көстөр. Билигин биир эмэ киһи күөрчэххэ балыгы эбэн сиирэ буолуо дуо? Саарбах. Өбүгэлэрбит, төрүт аспыт, үгэспит сыыйа ити курдук умнуллан эрдэҕэ.
Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…
“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…
«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…
Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…
Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…
Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…