“Барыта эйиэхэ”: Стас Михайлов хит ырыата Арассыыйаҕа айан угуйуга буолла

Share

Балаҕан ыйын 2 күнүттэн  “Национальнай приоритеттар” АНО туристическай айан сүрүн кэрэхсэнэр өрүттэрин сырдатар угуйук  хампаанньатын саҕалаата.

Ол эбэтэр  сезоннар икки ардыларынааҕы кэм (межсезонье) «эксклюзивнай» дэнэр,  киэҥ-холку, киһини туохха да ыксаппат, ыгылыппат сынньалаҥ — эйиэхэ эрэ ананар. Хампаанньа сыала-соруга — быстах кэмҥэ сынньалаҥ туһалааҕын көрдөрүү уонна туризм өҥөлөрүн ырыынагар Арассыыйа олохтоохторун болҕомтотун тардыы.

“Туризм уонна ыалдьыттааһын индустрията” национальнай бырайыак өйөбүлүнэн оҥоһуллар Путешествуем.РФ  саайтка ити сыалтан  сезоннар икки ардыларынааҕы кэм анал маршруттара ыйынньык быһыытынан таҥыллан киирдилэр.

Стас Михайлов “Барыта эйиэхэ” («Все для тебя») диэн ырыатыттан ылыллыбыт строкалар тэлэбиидэнньэҕэ, интэриниэккэ уонна араадьыйаҕа  угуйук-видеоларга иһиллэр буоллулар, ону тэҥэ тас эрэкэлээмэ макеттарыгар туттуллаллар.
«Однажды в межсезонье»  диэн видео сүрүн дьоруойдара сынньалаҥнарыттан улахан туһаны ылыахтарын баҕаралларын туһунан кэпсэнэр.  Маннык кэмҥэ куораттар туристар элбэх ахсааннарыттан босхолоноллор, сыана түһэр, “хаартыскаҕа уочарат” суох, үлэһиттэр эйиэхэ элбэх бириэмэни уонна болҕомтону уурарга  бэлэмнэр. Эн чэпчэтии арааһынан туһаныаххын уонна бастыҥ усулуобуйаҕа «сөтүөлүөххүн» сөп. Манна барыта — эн баҕарбытыҥ курдук, туох да мэһэйдээбэт…
Сезон икки ардынааҕы кэм  экскурсияҕа уонна култуурунай туризмҥа эмиэ табыгастаах.  Ол курдук, Санкт-Петербург, Казань, Нижнэй Новгород түмэллэрэ,  Калининградтааҕы аан дойду акыйаанын мусуойа, Калугаҕа — Космонавтика түмэлэ уонна да атын элбэх дойду таһымнаах интэриэһинэй култуура уонна ускуустуба эбийиэктэрэ туристар аҕыйаан,  иһийэн, чуумпуран турар кэмнэрэ.
Туризм индустрията үгэс быһыытынан айанньыттарга  маннык сезон икки ардыгар сынньаныы кэмигэр араас чэпчэтиилэри оҥорорун туһаныҥ, холкутук сынньаныҥ.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

11 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

12 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

12 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

12 часов ago