“Барс-2” батальон 30-тан тахса кыттааччытын судаарыстыбаннай наҕараадаларга түһэрдилэр

Share

“Барс-2” батальон 30-тан тахса баҕа өттүнэн кыттааччытын хорсун уонна дьоруойдуу быһыыларын иһин судаарыстыбаннай наҕараадаларга түһэрдилэр.

Бу туһунан Ил Дархан аатыгар түһэрбит суругар N танковай дивизия хамандыыра иһитиннэрэр.

“Барс-2”штурмовой батальон Саха Өрөспүүбүлүкэтин баҕа өттүнэн кыттар байыастара олохторугар кутталлаахтык, ол эрээри, иэстэрин хорсуннук уонна дьоруойдуу үтүө суобастаахтык толороллор”, — диэн дивизия хамандыыра бэлиэтиир.

“Этэрээт хас даҕаны тааҥканы, БТР-80 тиэхиньикэни, уонунан минометнай тэрили суох оҥордо.  Өстөөх авиация уонна артиллерия көмөтүнэн, бронетиэхиньикэни туһанан, батальон  стратегическай  суолталаах плацдармын төлө көтө сатаата. Бары састаап хорсун уонна дьоруойдуу быһыытынан, өстөөх бары кимэн киириитэ туох да түмүгэ суох буолла”, — диэн Саха сирин баҕа өттүнэн кыттааччыларын бойобуой үлэлэрин туһунан иһитиннэрдэ.

Дивизия хамандыыра өрөспүүбүлүкэ баһылыгар  уонна Саха сириттэн байыаннай эпэрээссийэҕэ иэстэрин толорбут уонна толоро сылдьааччылары бэлэмнээһиҥҥэ махталын биллэрдэ.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мэҥэ Хаҥаласка хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамата 3,6 тыһ.киһини хабыаҕа

Бүгүн Саха сирин бастакы вице премьерэ Дмитрий Садовников Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар "Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ"…

1 минута ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүбэһит: Дьиэни ыраастааһын ньымалара

Киһиэхэ иэримэ дьиэтэ, сылаас уйата саамай хаххата, олоҕун биир сүрүн сорҕото буолар. Хас биирдии дьиэ…

3 минуты ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйаҥныырга – биир бөрөнү

Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар быйыл бөрөлөр биллэн эрэллэр. Бу адьырҕалар кэтэх хаһаайыстыбалар сылгыларын үрүө-тараа…

32 минуты ago
  • Интервью
  • Култуура
  • Сонуннар

“Щепкиннэр”  кэккэлэрин хаҥаппыт Петр Домотов

... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка,  күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…

57 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүтүктээх ийэ оҕотун булуо дуо?

Елена устудьуоннуу сылдьан, 18 сааһыгар кэргэн тахсан, ыарахан буолан, төрүүр дьиэҕэ киирбитэ. Хантан билиэй, аан…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сэрэнэр — сиэрдээх

Эдьиий Дора сүбэтэ. Эккэ-хааҥҥа иҥэмтэлээх, ыраас, туһалаах эбиликтээх ас сүмэтэ биһиэхэ баарын сотору аан дойду…

2 часа ago