«Барстарга» көмө тиийдэ
«Барс-2» өрөспүүбүлкэтээҕи добровольческай этэрээт байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан кытта сылдьар. Бу күннэргэ Саха сириттэн эмиэ улахан көмөнү тутта. Ол туһунан Ил Дархан Айсен Николаев бэйэтин телеграм-ханаалыгар иһитиннэрдэ.
Итини кытары «Барс-2» этэрээт байыастарыгар «Саха волонтердара» хамсааһын көмөтүн быһыытынан: тушенканы, тоҥоруллубут бэрэскини, собону, муорус оҥостоллоругар отонтон сиробу, барыанньаны, чэйи, кэмпиэти, чоко-пайы, Өлүөхүмэ сыырын итиэннэ харысхаллары ыытта.
«Саха волонтердара» хамсааһын бэрэстэбиитэлэ эппитинэн: «Саха сириттэн Москваҕа кэлбит баһыылкалары наардаан, иккистээн суулаан, Ростов, Белгород хайысхатынан барар дьонунан массыынаҕа тиэйэн ыытабыт. Ити эмиэ туспа үлэ. Волонтердар баар буолан хамсаныыбыт түргэн-тарҕан».
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: