Бары бииргэ, сомоҕолоһон
Горнай улууһугар нэһилиэк баһылыктара байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытын көрсө барабыт диэн көмө харчы хомуйууга ыҥырыы таһаарбыттара.
Онон улуус дьоно бары да туруммуппут чахчы. Биһиги, Солоҕон дьоно-сэргэтэ истэн, нэһилиэгинэн сүбэлэһэн баран, ахсынньы 3 күнүгэр улууспут киинигэр Бэрдьигэстээххэ аһымал кэнсиэри тэрийэргэ уонна сүүйүүлээх оонньуу ыытарга быһаарыммыппыт. Бу тэрээһиммит туһунан атын сиргэ олорор биир дойдулаахтарбыт истээт, кыттар баҕалаахтарын биллэрбиттэрэ санаабытын бөҕөргөппүтэ, күүспүтүгэр күүс эппитэ. Оттон сүүйүүлээх оонньууга олохтоох дьоммут кэтэх хаһаайыстыбаларыттан сибиэһэй эти, үүтү, оҕуруот аһын, байанай бэлэҕиттэн, маанылаах айылҕабыт сирин аһыттан биэрэннэр, уопсайа араас ас-үөл 32 көрүҥэ баар буолбута.
Аны күүтүүлээх, долгутуулаах күммүтүгэр улууспут олохтоохторо сүүйүүлээх оонньуубут билиэтин барытын атыылаһан ылбыттара. Аахсыйабыт дьааһыгар көмө харчы укпуттара. Кэнсиэргэ биир дойдулаахтарбыт саалаҕа толору мустубуттара. Бу барыта олус долгутуулаах, ураты истиҥ буолбута. Бары түмсүүлээхпит, сомоҕолоһуулаахпыт мантан да көстөрө киһи сүргэтин улаханнык көтөҕөр. Ити курдук, уопсай түмүккэ былааннаабыт тэрээһиммит сатанан, 197500 солкуобай көмө харчы киллэрэн үөрүүбүт муҥура суох. Өйөбүл, тирэх буолбут дьоммутугар-сэргэбитигэр хоолдьуктаах бэйэбит хоҥкуйан, сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн махтанабыт.
Аһымал тэрээһиммит «БАРЫ БИИРГЭ-БИИР СОМОҔО» диэн ааттааммыта сөпкө да толкуйдаммыт эбит диэн долгуйа үөрэбит.
Тэрээһин сыалын ситтэ, чахчы да аатын курдук буолла, бигэргэттэ диэн ис сүрэхпититтэн дьоммутугар-сэргэбитигэр барҕа махтал тыллары аныыбыт. Түмсүү диэн көмүөл күүһэ буоларын көрдөрбүттэриттэн киэн туттабыт. Бары бииргэ, биир сомоҕо буолан туруорбут сыалбытын ситиһэргэ өрүү бэлэммит диэн бигэтик, эрэллээхтик этэбит.
Мария Павлова,
Солоҕон нэһилиэгин дьаһалтатын исписэлииһэ,
Горнай.
Хаартыскаларга ааптар түһэриитэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: