Отон барыанньа
Саха сиригэр саамай дэлэйдик үүнэр сир аһынан отон буолар. Урукку сылларга отону үксүн буһарар эбит буоллахтарына, кэлин битэмиинин сүтэрбэт туһугар араас ньымалары туһаналлар.
Ирдэниллэр: 3 киилэ отон, 3 киилэ саахар.
Хайдах бэлэмниибит: Ириэнэх отону мясорубкаҕа эрийтэрэбит эбэтэр ньыһыйабыт. Саахар кутабыт уонна уонча мүнүүтэ устата дэлби булкуйабыт. Сөрүүн сиргэ (холодильникка) уурабыт. Тута сииргэ аҕыйаҕы эмиэ бэлэмниэххэ сөп. Маннык ньыманан бэлэмнэммит отон битэмиинин сүтэрбэт.
Дьаабылакалаах отон барыанньа
Үгэс быһыытынан буһарыллыбыт барыанньаттан хал буолбут, арыый атын амтаннааҕы амсайыан баҕарар дьоҥҥо саамай табыгастаах.
Ирдэниллэр: 3 киилэ дьаабылака (кыратык эбиэххэ сөп), 3 киилэ отон, 4 киилэ саахар, кыра уу.
Хайдах бэлэмниибит: дьаабылаканы чараас гына хахтыыбыт, улахан харахтаах түөркэнэн кыралыыбыт. Дьаабылака ортотун туһаммаппыт. Иһиккэ түгэҕинэн кыра уу кутан баран дьаабылакабытын булкуйа-булкуйа буһарабыт. Сымнаабытын кэннэ отоммутун кутан ньыһыйабыт, дэлби булкуйабыт, саахар кутабыт. Оргуйаатын кытта уотун араарабыт.
Саха быһаҕа байыаннай дьайыыга кытта сылдьар саха байыаһын өлөр өлүүттэн быыһаабытын туһунан видеоны "Военкоры Якутии"…
СӨ ИДьМ үлэһиттэрэ Кыргызстан өрөспүүбүлүкэтиттэн төрүттээх 41 саастаах киһи сымыйа дааннайдардаах РФ пааспарын илдьэ сылдьарын…
Бүгүн, сэтинньи 22 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар 49 кыраадыска тиийэ тымныйара күүтүллэр диэн УГМС…
ХОЙ Дьону кытта тапсар, уопсай тылы булар кэмиҥ. Элбэх соруктары туруоруммуккун, олоргун ситиһэ сатаа. Сүрэҕэлдьиири…
Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…
Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…